978-5-7696-2135-8
ISBN :Возрастное ограничение : 0
Дата обновления : 19.04.2024
Кытылга кыыс ытыыра
Галина Васильевна Нельбисова
Орто дойду оло?ун тыынныыр, ки?и дьыл?атыгар араастаан к?ст?н аа?ар дьикти, нарын иэйии – таптал ардыгар му?ура суох дьоллуур, ардыгар олустук хомотон, ытатар-ыллатар, ха?ан да умнуллубакка с?рэх т?гэ?эр кистэнэн, кэрэ?э сирдиир, угуйар сулус буолан тырымныыр.
Журналист Галина Нельбисова кэпсээннэригэр таптал, тапталга бэриниилээх буолуу, к??т?лл?бэтэх ?тт?ттэн са?а баар буолбут иэйиигэ ылларыы, та?нарыы кэргэнниилэр сы?ыаннарыгар ??ск??р араас уустук бы?ыы-майгы н???? ойууланар.
Галина Васильевна Нельбисова
Кытылга кыыс ытыыра…
Кэпсээннэрин аа?ан ??рд?м
Уонтан эрэ тахса сыллаа?ыта кыргыылаах баттахтаах кыргыттар хал?а?алара саха литературатын саба б?р??к??р атаакалара са?аламмыта. Ол бастаан ар?аа у?уктан аа?наабыта – Сунтаар кыргыттара сулбу ойон тураннар (Сайа, Венера) уус тыллаах хо?ооннорунан уйул?аны хамсаппыттара. Онтон кинилэргэ уруккуттан суруйар Клара Васильева Ньурбаттан кынаттарыгар кытты?ан ?р?г?йд??х тылы ?сс? ?р? к?т?пп?тэ, ол кэнниттэн Б?л?? куоратыттан Уйул?аана олорсон устар ууну сомо?олообута… Ити кэм?э илин ?тт?б?т?ттэн илбистээх тыллаахтар кэккэлээн киирбиттэрэ – Умсуура, уолаттары умса садьыйталаат, о?онньоттору ойо?олоон ааспыта, саталаах тыллаах Саргы Куо са?а к?н тыкта?ын ахсын сайдан-тыллан испитэ, Амматтан эмиэ алыптаах са?алаах Сардаана Амгинская са?ыллан та?ыста!
Поэзия?а дьэ ити курдук, бы?ыты то?о тарпыттыы, кыргыттар к?рг??м?нэн биирдэ к??? анньан киирдилэр. Оттон проза, драматургия эйгэтигэр бастаан чуумпу со?ус этэ, онон-манан эрэ, сэниэтэ суох фонтаннардыы, ?р?тэ тыгыалаан к?р?-к?р? уостан и?эллэрэ. Ол эрээри мин, ха?ыаттарга ?лэлиир публицист, очеркист кыргыттары аа?а-аа?а, к??тэр этим – прозабытыгар эмиэ кыргыттар то?о анньан киирэллэрэ буолуо диэн. То?о диэтэххэ, ха?ыат, сурунаал, телерадио ?лэтэ, ол эбэтэр журналистика, уус-уран айымньыга киириигэ бастакы уонна эрэллээх олук буолар. Нуучча биллиилээх суруйааччылара ха?ыаттан ??нэн тахсыбыттара, омуктар да оннуктар этэ (холобура, Хемингуэй), оттон саха суруйааччыларын ?кс?лэрэ бэчээккэ ?лэлээбиттэрэ. Кыргыттар литература?а к?рг??м?нэн анньан киириилэрэ били??и кэм?э сокуоннай – бэйэтин айыл?атынан кыыс о?о нарын-намчы, иэйиилээх уйул?алаах уонна куттаах-с?рдээх, онон кэрэни, ?т??н? ылба?айдык ылынымтыа. Аны туран ол да бы?ыытынан уонна эмиэ айыл?аттан кини иитэр, ??рэтэр-такайар аналлаах – санаан к?р??: ??рэ?э суох саха ийэлэрэ-эбэлэрэ т???л??х ?г?с о?олорун, сиэннэрин иитэн, с????хтэригэр туруоран ки?и о?орон та?аарбыттара буолуой! Оттон били??и кыргыттар ити ?т?? айылгыларын та?ынан ?сс? ?рд?к ??рэхтэнэн билии-к?р?? б???н? ыллылар, аан дойдуну иилии эргийэн культуралара ?рдээтэ, ис эйгэлэрин туруга б???рг??т? – кинилэр хайа да нуучча, омук кыргыттарыттан-дьахталларыттан бэйэлэрин итэ?эстик санамматтар. Онон, былыргылыы эттэххэ, ки?и сатыырын кини то?о сатыа суохтаа?ый?!
Т?бэ?эн аахпаппынан уонна соло да буолбаккабын, мин били??и сахалыы прозаны барытын кыайан билбэппин буолан баран, а?а?ас к?хс?м то?о эрэ сэрэйэр. Дьиибэ ба?айы, тумуулаары гыммыппын аан бастаан к?хс?м билээччи – кини дьагдьайда да, ол аата сэрэтэр, дьа?алла ылына о?ус диир: ытырдан, с?т?лл?н киирэн барабын, муннум уута с??рэр… «К?хс?б?нэн сэрэйдэхпинэ» диэн т?р?ттэрбит ол и?ин уос номо?о о?остоллоро эбитэ буолуо. Дьэ ол «сэрэйдэхпинэ», прозаик кыргыттар ??скээн-тахсан эрэллэр. ?сс? саха кырдьа?астара: «Сэрэйбит да, к?рб?т да биир», – диэн этэр буолаллара, ол эмиэ саамай с?п эбит.
Мин Галина Нельбисова уус-уран суруйууга сыстыа?а диэн сэрэйэр этим – кини очеркалара уус-уран ?тт?нэн олус табыллыбыт буолаллар, ис хо?оон да ?тт?нэн киэ? аа?ааччыны кэрэхсэтэллэр, долгуталлар.
Кэпсээннэрин аа?ан с?рдээ?ин ??рд?м. Тыла-??? оннук уурбут-туппут, уус ки?и ыпсарбытын курдук ?ч?гэй. Саамай с?б?лээбитим – бу уон кэпсээнин ис хо?ооно барыта би?иги б?г???? олохпутун к?рд?р?р, аныгы ыал, дьиэ кэргэн сы?ыана. «Табыллыбатах абонент» геройа Егор Саввич кы?ал?атын кырдьа?ас дьон тута ?йд??хтэрэ уонна бэйэлэригэр чугастык ылыныахтара. Атын кэм, атын олох, туспа эйгэ о?олоро, ордук киньиит, кинилэргэ «араабы» буолар о?онньору истэригэр соччо киллэриэ суохтарын с?п, оттон о?онньор эмиэ бэйэтин курдук огдообону, куорат эмээхсинин Марфа Михайловнаны, булсан бииргэ ?й???н олороору тиийбитин эмээхсин туспа олорор уола кэлэн бэлэм дьиэ?э бэрт буолан киирэ?ин диэн ??рэн та?аарарын эмиэ ?йд??г?н: ол б?г???? олохпут иитиитэ. Куорат таас дьиэтигэр квартира билигин м?л?й??н?нэн сыаналаах хамнаабат хаппытаал – «ийэм урут ?лл???нэ дьиэ бу туора ки?иэхэ тиксэр» диэн били??и олох сиэринэн баайга хара?арыы т?рд? дьэ итиннэ сытар. Урукку кэм буоллар, уол со?ото?ун тэ?ийбэт ийэм му?наах ?ч?гэй о?онньорго т?бэ?эн нус-хас суула?ан олордоллор диэн ??р??хтээх этэ. Биэс уонуттан лаппа тахсыбыт Павел Ильич («Кырдьыгы эппэтэх ордук») тыа?а-уу?а суох дьахтар булунан ба?атын ханнаран кистээн «аралдьыйа» т??ээри гыммытын киньиитэ ал?ас билэн кэби?эн тойонуттан кэлэйэн, тугу да уорбалаабакка о?онньорун ?лб?р?йэр аакка сылдьар хотунун а?ынан, кэлин мин кэргэним эмиэ итинник буолуон с?п диэн санаа б????? т??эр. «Ыал дьолун т?стээтэ?э» кэпсээ??э Анна Семеновна т?р??т?н кытта ииттэрэ биэрбит к?р? да илик кыы?а кэргэн тахсаары саахсаланарын истэн, чугас тыаттан куоракка кэлэн кистии-саба к?р?н му??а-та??а т??эрин хайа ба?арар ийэ, кыыс харааста аа?ыа?а. Саа?ыран и?эн огдообо Володя?а кэргэн барбыт Анфиса са?а оло?ор, суох буоллар да, ха?аайка бокуонньук к?л?гэ т??эн (Володя таптыыр кэргэнин букатын умнубат) эрэйи к?рд?рб?т?н («Олох сал?анар аналлаах»), Хочуолунай Биичэ («А?а кэ?иитэ») и?эн-а?аан тэмтэрийэ да сыстар к?нн?р?нэр кыахтаа?ын, оттон Оля, Андрей, Софья «?с муннук» («Оо, то?о, то?о?») у?уктанан-кырыыланан хаалбыт олохторун муннуктара кыайан кыларыйбакка ????н ?йд?р?-санаалара му?-кы?ал?а б???т?гэр эриллэрин с?рэххинэн-быаргынан ылына, итэ?эйэ аа?а?ын.
Галина Нельбисова кэпсээнньит бы?ыытынан хас да уратылаах. Бастакытынан, тыла-??? хомо?ой, ?ч?гэй диэбитим (оннук буолбата?ына, кэпсээнньит да дэниэ суохтаах этэ). Икки?инэн, били??и дьиэ кэргэн тематыгар суруйар, кини ону ???н-талатын хойуннара, н????ттэн н???? на?аа т??э сатаабат: ?ч?гэй геройдара ки?и бы?ыытынан туох эмэ итэ?эстээх, м?лт?х геройдара ?т?? ?р?ттээх, итэ?эстэрин к?нн?р?нэр кыахтаах буолаллар. Инньэ гынан аа?ааччы к??ппэтэх, таайа охсубат т?гэннэрин арыйар: сюжет хайдах сайдан и?эрин кэтэ?э, сэргэ?элии олоро?ун. ?с???нэн, кини геройдарын ис туруктарын, кинилэр ?йд?р?н-санааларын, дуу?аларын психологическай хамсаа?ынын сатаан биэрэр.
Бу кэпсээннэр т?м?ллэн, биир сутурук буолан, кинигэнэн та?ыстахтарына аа?ааччыны хайаан да кэрэхсэтиэхтэрэ диэн эрэнэбин.
Семен Руфов,
саха народнай суруйааччыта
Эйиэхэ, Тапталинабар…
Инна урут эдэр сылдьан дьыл кэмиттэн саамай ордороро саас этэ. Халлаан дьыбара тахсан, к?нэ улам-улам сылыйан, салгына ураты чэбдигирэн истэ?ин аайы кини с?рэ?э эмиэ сылаа?ынан, сырдыгынан туолара. Олоххо а?аардас кэрэ к??т??лээх саас эрэ кэлиэхтээх курдуга. Устудьуоннуу сылдьан сааскы нуурал киэ?элэргэ дь??гэлэриниин буолары-буолбаты кэпсэтэ-кэпсэтэ, к?лэ-??рэ куорат устун хаамсаллара, ??к?? киэ?элэриттэн арыт ??рэн-к?т?н, соро?ор хомойон, ыта?ан-со?о?он тар?а?аллара. Билигин ол бэйэлэрэ бары тус-туспа дьыл?аланан, ыал ийэлэрэ, эбэлэрэ буолан, этэргэ дылы, ыйаахтара ыйбытынан ыраа?ынан-чуга?ынан тэлэ?ийэн олороллор. Ыал буолбакка со?отох саа?ыран эрээччилэр эмиэ бааллар. Инна саамай чугас дь??гэтэ Ася эмиэ кэмигэр оло?ун о?остубакка, билигин ончу да олус «?йд?н?н», холкутугар т??эн олорунан кэбистэ. Бэйэтэ биир хостоох, толору хааччыллыылаах дьиэлээх, ?сс? бу бэртээхэй даачалаах. Биэс-алта сыллаа?ыта айыл?а анаан о?орбутун курдук кэрэ миэстэ?э турар, дьо?ус эрээри, ?ч?гэйкээн дьиэлээх даачаны атыыласпыта. Тыаттан убайдара, бырааттара мустаннар дьиэ силигин ситэрэн, са?аттан олбуордаан биэрбиттэрэ.
Инна ?гэ?инэн, к???н буолла да, дь??гэтигэр Ася?а анаан-минээн хас да к?н сынньана, мас дьиэ салгыныгар астына утуйа кэлэр. Олох ??р??т?н, хомолтотун барытын амсайан дуу эбэтэр саа?ыран дуу, кини аны к?????? кэми олус с?б?л??р. Ара?ас к?м?с ???нэн сууламмыт к??????, и?иллээбит курдук уу чуумпу ойуур устун аргыый хаамар кэрэтигэр умсугуйар буолбута ыраатта. Ася дьиэтин хойуутук ??мм?т хаты?, тиит мас тулалыыр буолан, тэлгэ?э та?ыттан ырааппакка к?????? к?ст?? ураты кэрэтинэн дуо?уйуохха с?п. Онон бу к?ннэргэ дь??гэлиилэр, о?охторун быргыччы оттон баран ??ттээх чэй и?э-и?э, к?????? арда?ы и?иллииллэр, ара?ас сэбирдэхтэр тэлээрэн т??эллэрин одуула?аллар. Соторутаа?ыта а?ай силигилээн ситэн, к???р?н, чэлгийэн турбут, оттон билигин хагдарыйан тохтор сэбирдэхтэр ордук курус санаалары са?ар курдуктар. Олох барахсан ??рдэрэ-к?т?тэрэ, эрэйдээн-му?наан да?аны эрийэрэ-мускуйара элбэх буолла?а. Олох муудара?а ??рэтэрин курдук, сарсын эмиэ к?н ??н??, б?г???? хомолто хайаан да ??р??нэн солбуллуо диэн эрэнэр эрэ наада.
Инналаах Ася, уруккуларын, эдэр эрдэ?инээ?илэрин, курдук, ыллаан да ылаллар, ыта?а да сы?аллар. Биллэн турар, ытаа?ын-со?оо?ун Иннаттан тахсар. Ася ис санаатын мээнэ ы?а-то?о сылдьыбат, барытын бэйэтигэр тута сылдьар майгылаах. Ол эрээри а?ыныгас с?рэхтээх, ?р?? к?м?л???, ?йд?? сатыыр исти?, эрэллээх до?ор. Дь??гэлэрэ онон ту?анан бары кы?ал?аларын илдьэ киниэхэ кэлбиттэрин билбэккэ да хаалаллар. Ася, хас биирдиилэрин бол?ойон истэн, уоскутааччы, у?ун киэ? санааны угааччы буолан и?эр. Арыт: «Санаа?ытын кыраттан т??эрэ?ит, олохтон табыллыыны эрэ к??тэ?ит, атаахтыыгыт», – диэн м???тэлээн да биэриэн с?п. Кини да?аны санаата-оноото оонньуура, араас кы?ал?аланан ылара ханна барыай. Халы? аймах, бииргэ т?р??б?ттэрин о?олорун ту?угар кылаабынай кы?аллааччы эмиэ кини. Бэйэтэ о?ото да суо?ун и?ин, уонча о?олоох ийэ курдук т?б?г?рэр. Бу к?ннэргэ киэ?э хойукка диэри олорон наскы, ?т?л?к баайталыыр. Кы?ын устудьуон балтыларыгар, бырааттарыгар т??этээри. Эдьиийдэрин и?ирэх сы?ыанын биир эмит о?о ?йд??н, кырдьар, кыаммат саа?ыгар сылаастык сы?ыанна?ан, ??ттээх итии чэй кутан биэрэрэ дуу, суо?а дуу.
Инна эмиэ туох баар оло?ун ??р??т?н, хомолтотун, ?р??, хара к?ннэрин дь??гэтин кытта ?ллэстэн кэллэ. Бастакы кэргэнин, Ганятын, кытта олорон, арыгылыыра бэрдиттэн сотору-сотору арахсаары сананан Ася?а с??рэн кэлэр буолара. Ася барахсан нэдиэлэни нэдиэлэнэн ханна барбыта биллибэккэ с?тэн хаалар ?гэстээх Ганяны салгыбакка, сылайбакка к?рд???р?, булан ыллахтарына эмиэ тэбис-тэ??э тыл-?с, с?бэ-ама буолан салгыы ыал буолалларыгар к?м?л???р?. «О?олоргун тыыннаах тулаайах о?ортоору гына?ын дуо? Эйиэнэ ?сс? и?эр эрэ, дьиэтигэр-уотугар айдаана суох, ата?астаабат, олоро сатаа. Мин к?рд?хп?нэ, дьахталлар ?г?стэрэ эн курдук олороллор. Кини да саа?ырда, нуорматын и?ээхтээтэ, сотору т?спэтийиэ?э. Кырдьар сааскар чэй иси?эр ки?итэ суох со?отох хаалаары гына?ын дуо? Уолу? кэргэннэнэн баран хаалыа, кыргыттары? Вералаах Надя? да эйигин манаан олоруохтара суо?а. Бэйэлэрин олохторун о?остунуохтарын наада буолуо. Оччолоо?у аасты?, тулуй», – диэн инникигэ эрэл санааларынан кынаттаан и?эрэ. Ону баара Ганя эрэйдээх т?спэтийэригэр тиийбэтэ?э, эмискэ быара аккаастаан к?н сириттэн к?рэммитэ. О?олоро оруобуна оскуоланы б?тэрэн, салгыы ??рэххэ барар-кэлэр эппиэттээх кэмнэригэр со?отох хаалбытыттан Инна бастаан олус ыксаабыта. Ол эрээри кини, оччоттон баччаа??а диэри ыал тутаах ки?итэ, хайдах да т??р?нэн олорунан кэби?эр кыа?а суо?а. Аны са?а дьиэ туттан испиттэрэ ситэ б?ппэккэ хаалбыта. Бэйэтин, Ганя да аймахтара «дьиэ?ин б?тэртэр» диэн ?г??р? со?ус ?п хомуйан биэрэн абыраабыттара.
Инна куоракка чэпчэки сыаналаах тутуу матырыйаалын, т?нн?к холуодатын, ааннары атыылыыр ма?а?ыын баарын истибитэ. «Ма?а?ыын дириэктэрэ Дмитрий Николаевич – би?иги улууспут уола, биир дойдулаахтарыгар ураты бол?омтолоохтук сы?ыанна?ар», – диэн буолбута. Биир ?т?? к?н Инна ол ма?а?ыыны к?р??р? анаан-минээн куоракка киирбитэ. Атыы?ыт уолаттартан ассортименнарын билсэ, сыаналарын ыйытала?а турда?ына, Дмитрий Николаевичтара тахсан кэлбитэ. ?рд?к у?уохтаах, толору, киппэ эттээх-сииннээх, харахха быра?ыллар эр ки?и этэ. Кини Иннаны кытта «кэ?ис» гынан дорооболоспута. Инна хара бастаа??ыттан дьон тугу этэллэрин чуолкайдыырга бы?аарынан, биир дойдулаахтар буолалларын то?о?олоон эппитэ.
– Биир дойдулаахтарым барахсаттар, таах да на?аалаан эрэ?ит ээ. Дьэ, тугу ыйыта?ын? Эйиэхэ кэлэн аккаастыам дуо, букатын билиэн баран турабын. Кэргэни? бэйэтэ к?р????н, маннык нарын-намчы ки?и, атыыластаххына, с?гэн бара?ын дуо? – дии-дии, к?лб?тэ-??рб?тэ.
– Кэргэним суох, ?лб?тэ сылтан орто. Ол и?ин бэйэм сырытта?ым, – Инна б?т? сы?а-сы?а са?арбытыгар Дмитрий Николаевич ыксаабыта. «Бырастыы гын», – диэмэхтээбитэ, к??стээх, сып-сылаас ыты?ынан Инна саннын аргыый имэрийэн ылбыта.
Бу кэнниттэн ма?а?ыы??а соро?ор бэйэтэ, ардыгар уолунуун Мишалыын элбэхтик тиэстибиттэрэ. Аны дьиктитэ диэн, Инна киирэн кэллэ да, Дмитрий Николаевич хонтуора хо?уттан бэйэтэ тахсан кэлэрэ. Атыылыыр уолаттара, киксибит курдук, ханна эрэ симэлийэн хаалаллара. Кырдьык, сыанатын элбэхтик т??эрэн атыылаан абыраабыта. Улам билсэн, Иннаны кытта хайдах эрэ ураты исти?ник, сылаастык кэпсэтэр, ки?и санаатын к?т???рд??, дьээбэлэ?эр, хаадьыла?ар этэ. «Со?отох дьахтар диэн бириэмэ атаараары оонньо?он эрэр дуу?» – диэн Инна арыт кы?ыйа-абара санаан кэлэрэ. Ол эрээри, бэйэтэ да ?йд??б?т?нэн, Дмитрий Николаевич исти? бэйэлээхтик харахтыын мичээрдээбитинэн тахсан кэллэ?инэ, куола?ын и?иттэ?инэ, долгуйан хаалар буолбута. «Хайа эрэ дьоллоох анала буолла?! Арыгыга ылларбатах, ч?л ?йд??х-санаалаах, биир бигэ тыллаах эр дьон ончу атыннар ээ», – дии саныыра Инна. Атыыла?алларын барытын кыра-кыра ылан б?тэрэн, Инна ма?а?ыы??а киирбэт буолбута. Ол эрээри онтуттан то?о эрэ санаата т?сп?т?н, туга эрэ тиийбэт курдугун ?йд??н сонньуйан ылара. Дмитрий Николаевич сылаас, сымна?ас к?р??т?н, эйэ?эс мичээрин санаан тахсарыттан бэйэтин аралдьытына сатыыра.
Биир к?н дьиэтигэр ?лэлии сылдьар дьон Иннаны эмиэ куоракка «командировкалаабыттара». Итэ?эс-бы?а?ас син к?ст?б?тэ. Инна куораттыан иннинээ?и киэ?эттэн ис-и?иттэн с?ргэтэ к?т???ллэн, ки?инэйэн ыллыы сылдьар буолбутуттан бэйэтин м???ттэ санаабыта. Сарсыныгар ?т?р?нэн киэргэммэтэ?ин киэргэнэн, о?остон-туттан куоракка киирбитэ. Ма?а?ыы??а киирэригэр атыы?ыт уолаттар бааллара. Инна, наадалаах табаарын ыйыта-ыйыта, хара?а хонтуора хос диэки этэ, с?рэ?э битиргэччи тэбиэлээн олороро. Сотору биир атыы?ыт уол хонтуора диэки элэс гыммыта уонна тута т?тт?р? тахсан с?р ыксаабыт куола?ынан:
– Инна Тимофеевна, Дмитрий Николаеви?ы хайаан да к??тэр ???г?н. Базаттан айаннаан кэлэн и?эр. Эйиэхэ олус наадыйар ???, – диэбитэ.
Инна со?уйан, ??рэн да хаалбыта. Сотору Дмитрий Николаевич ыксаан ахан киирэн кэлбитэ.
– Оо, маладьыас, к??пп?кк?н дии. Кэл эрэ, кабинеппын к?рд?р??м, – диэн хо?угар баты?ыннарбыта.
Бу к?н? Инналаах Дмитрий куоракка бииргэ атаарбыттара. Куорат биир ч?к? ресторанын булан бэйэ-бэйэлэрин олохторун б??с-б?т?нн?? то?о тэбээн кэпсэппиттэрэ.
– Инна, миигин кыратык чэпчээн, холуочуйан этэр диэмэ. Эйигин к?рс??хп?ттэн туох эрэ буоллум. Эр ки?и элээмэтэ бэйэм туох эрэ дьа?алы ыллахпына сатанар дии сырыттахпына, ити уолаттар сотовайбар эн кэлбити? ту?унан биллэрдилэр. Уол о?о курдук долгуйан, онноо?ор улахан суолталаах дьыалабыай кэпсэтиини быра?ан с??р??нэн кэллим. Кэргэммин кытта сы?ыаммыт тымныйбыта ыраатта эрээри, туора хаамар ту?унан толкуй суо?а, – дии-дии, Дмитрий элбэ?и этиммитэ.
Инна, б??с-б?т?нн?? ыга куустарбыт дьикти иэйиититтэн иэдэйэн да олордор, кытаанахтык, кы?аллыбатах курдук тутта сатаабыта. Дьиэтигэр т?нн?н баран эрэй б???т?н к?рб?тэ. Дмитрий киниэхэ нэдиэлэни бы?а т?л?пп??ннээбитэ. Инна кистээн ытыы-ытыы, о?олорунан «Инна Тимофеевна тыа?а барбыта, хас да хонон баран кэлэр» дэттэрэ-дэттэрэ, сыппыта. Нэдиэлэ б?т??тэ Дмитрий Николаевич бэйэтэ тиийэн кэлбитэ. Бу кэнниттэн кинилэр арахсыбатахтара, ??скээн хаалбыт к??стээх иэйиини саба баттыыр к???? хайалара да кыайан булбата?а.
Инна сотору-сотору хайдах да буолуон билбэт турукка киирэн ылаттаабыта. Уонча сыллаа?ыта кини дьахтар сэбиэтин председателэ буола сылдьан ыал оло?ун алдьатаары тии?эр дьахталлары сэмэлээн, дьиэлэринэн-уоттарынан сылдьан элэ-была тыла баранара. Ол айыытыгар бэйэтэ ыал а?атын, ки?и кэргэнин «уоран», кистэлэ? тапталтан дьоллоно сырытта?а. Оскуола?а учууталлыыра, сиэри-майгыны туту?уннарар аналлаах идэлээ?э суобас суутун ?сс? сытыырхатара. Хаста да олус ыксаан, буруйданан, Дмитрийи тэйитэ сатаабыта. Ол эрээри кини били индийскэй киинэ?э к?ст?р, ырыа?а-тойукка холбонор, кинигэ?э кэпсэнэр дьи?нээх тапталга, араа?а, дьэ кырдьык та?ара бэлэ?эр тиксэн баран онтон аккаастанар кыа?а суо?а. Дмитрий эмиэ бачча саа?ыгар диэри кэргэнин та?нарбатах, улаатан эрэр уолун сэмэтиттэн дьулайар буолан элбэхтик эрэйдэммитэ. Кини да бэйэтин буойа, тохтото сатаабыт т?гэннэрдээх этэ.
???с сылларыгар Инналаах Дмитрий, этэргэ дылы, харахтарын симэн, кулгаахтарын б??лэнэн бииргэ буолбуттара. Кинилэри тула элбэх тыл-?с, сэмэ-су?ха тар?аммытын с?рэхтэринэн да сэрэйдэллэр, биир бигэ бы?аарыныыга кэлэн хаалбыттара. Уонна бу сиргэ т?р??н тапталы билбит, тапталга тиксибит дьахтардаах эр ки?и «т??рт дьоллоох сылы т??рт хонук кэлэн аа?арын курдук ча?ылхайдык олорбуттара эбитэ ???» диэбит курдук дьыл?аламмыттара. Дмитрий, бэйэтэ ааттыырынан, бу к?н сиригэр к?рс?б?т баарын-суо?ун, баайын-дуолун, тапталлаах Иннатын—»Тапталинатын» со?отох хаалларан эмискэ с?рэ?инэн охтон олохтон барбыта, ха?ан да б?т?? суох харах уутунан сууннарбыта… К??т?лл?бэтэх ?тт?ттэн аа?наан кэлбит а?ыыттан ха?а эрэ хаалбыт Иннаны о?олоро эрэ олох диэки тарды?ыннарбыттара.
Инна?а сир ?рд?гэр тапталы билбит дьолун туо?улара – Дмитрий элбэх суруктара уонна иккиэн т?сп?т хаартыскалара хаалбыттара. Дьикти ээ, кылгас дьол т?гэннэрин эрэ бэлэхтиирин билбит, сэрэйбит курдук, ураты уйаннык, сылаастык да сы?ыаннаспыта. Дмитрийдиин ыал буолан куоракка к???н киирэн баран Инна, оскуола?а буолбакка, элбэх командировкалаах, учууталлары кытта методика ?тт?нэн ?лэлиир аналлаах тэрилтэ?э ?лэлээбитэ. Онон сотору-сотору командировка?а баран хаалара. Дмитрий Инната хайа к?н тахсан барыа?ыттан сурук суруйа-суруйа сыттык анныгар мунньан барара. Кинитэ суох о?олору кытта хайдах олорбуттарын, тугу гыммыттарын, ахтыл?антан, к??т??ттэн олус эрэйдэнэрин сурукка тиспит буолара. Аны хо?оонноругар ис с?рэ?иттэн тахсар исти? иэйиилэрин суруйан хаалларбыта…
Инна сыттыгын анныттан суруктарын* мунньа сылдьар альбомун та?ааран арыйталаан барда.
Тапталлаах до?орбор, Инна Тимофеевна?а, аныыбын.
Тапталинам
Таптааммын ааттыыбын, до?оруом,
Таптыыр до?орбун – Тапталинабын,
Эн эрэ баар буола??ын,
К?нд? таптыыр ки?им,
Сахабыт сирин халлаана
Харахпар к???р?н к?ст??хт??р.
Таптыыр ки?илээх буоламмын,
Оло?ум сырдыкка тарды?ар,
Эйигин с?б?л?? к?р?мм?н,
Сыыспатах эбиппин, до?оруом.
Эйигин ?р?? таптыыр Дмитрийи?.
Ахсынньы 14 к?нэ.
Тапталинабар
Арылхай эйэ?эс хараххын
Ахтабын, до?оруом, куруутун.
Эйигин к?рд?рб?н, до?оруом,
Умнабын барытын сир ?рд?гэр.
Кэрэчээн куоласкын истээри,
Кыракый о?олуу ??рэбин,
Эйигин к?рс?мм?н, до?оруом,
Дьоллоохпун дэнэбин ?р??т?н.
Дмитрий.
Тохсунньу 1 к?нэ.
* * *
До?орум, дорообо!
Сэгэриэм, барытын олус ?ч?гэйдик ?йд??б?н. Эйиэхэ олус махтанабын. Эн баар буола??ын, эйигин к?рс?мм?н, олус дьоллоохпун дэнэбин. Сэгэр, эн би?икки, били этэргэ дылы, та?ара анабылынан к?рс?б?т дьоммут, онон дьыл?а хаан анала хайда?ын бэйэтэ бы?аарыа.
Дмитрийи?. 16.03.
* * *
Ахтар, саныыр до?орбор, Иннабар, аныыбын.
До?орбор
До?орбор, эйиэхэ, анааммын,
Дор?оонноох тыллары этэбин.
Эн кэрэ м?сс?????н хо?уйан,
Эйиэхэ тапталы билинэбин.
С?рэхтэн бу тыллар тахсаллар
Долгуйар Дьокуускай куоракка,
Эйигин санааммын, до?оруом,
Олус диэн долгуйдум мин б?г?н.
Бааргар эйигин аахайбат курдукпун,
Барбыты? кэнниттэн ахтабын эйигин.
Эйигин аймыахпын ба?арбат эрээри,
Дуу?алыын, с?рэхтиин эйиэхэ эбиппин.
Ба?ардар, эйигин умнуом дуу дэнэбин,
Онтукам букатын табыллыа суох курдук,
Тапталы билбэтэх эрдэ?ин буоламмын,
Эйиэхэ таптатан олус диэн долгуйдум.
До?оруом, эйиэхэ с?рэхпин, дуу?абын аныыбын,
Эн би?и хайаан да бииргэ буолуохпут.
Дьоллоох оло?у олоруохпут
?йэлэр тухары, тапталыам.
Муус устар 16 к?нэ. Дмитрийи?.
* * *
Тапталинабар аныыбын.
Таптал
Таптал – бу саамай кэрэ иэйии,
Тапталынан ким да оонньуо суохтаах,
Таптал баар бу сир ?рд?гэр
Икки ата?ы ки?и гыммыт.
Таптал ту?угар тахсаллар ырыалар, хо?ооннор,
Таптал ту?угар ки?и аймах айманар,
Таптал, эн олус да к??стээххин,
Таптал, эн олус да нары??ын.
Тапталы ки?и кыайан кэпсээбэт,
Тапта?ар дьон иккиэн эрэ билэр сы?ыаннара,
Оо, таптал, эн олус да суоскун,
Оо, таптал, эн олус да уйа??ын…
Все книги на сайте предоставены для ознакомления и защищены авторским правом