978-5-7696-6093-1
ISBN :Возрастное ограничение : 12
Дата обновления : 09.05.2023
Таптал уонна дь?кк??р
Гавриил Адамов-Сайдам
Били??и кэм прозата
Айымньы с?р?н геройа Бэриэт Т?б?ктээхэп, билим сыаналаах ?лэ?итэ, са?а-сонун толкуйдарын, идеяларын олоххо киллэрэр модун дь?кк??рдээх. Ону кини к?н? майгытынан, ыраас с?рэ?инэн, санаатын к????нэн, сырдыкка-?т???э эрэлинэн сити?эргэ дьулу?ар. Онуоха албыны-к?лдь?н?, та?нарыыны, ордук санаа?ыны, к??стээх утарыла?ыыны к?рс?р, доруобуйата айгырыыр… Ти?э?эр Бэриэт тугу ситистэ, олох тургутуутун хайдах туораата? Ки?и бу Орто дойдуга тус суолун, аналын буларыгар ким-туох тирэх, ?й-санаа, к??с-к?м? буоларый? Ону, к?нд? аа?ааччы, бу айымньыттан билиэ?.
Главный герой повести – Бэрет Тюбюктяхов, ценный научный работник, усердно воплощает в жизнь современные разработки, оригинальные идеи. Он стремится достигнуть поставленных целей своей честностью, чистым сердцем, добрыми помыслами, надеждой и верой в добро и справедливость. Но он встречает ложь, предательство, зависть на своем пути, здоровье его пошатывается… Чего же в итоге добился Бэрет, как он преодолел суровые испытания жизни? Что или кто в этом мире дарует силы человеку найти свой путь, свое предназначение, становится опорой в трудные дни? Об этом, дорогой читатель, ты узнаешь в данной книге.
Гавриил Адамов-Сайдам
Таптал уонна дь?кк??р
Бытие пусть определяет сознание,
но сознание не согласно…
Утуйар чаас са?а буолла. Оттон уу чуумпу сатыылаабыта син ыраатта. Балаата уота ол чуумпуну ылынан эрдэ умуллубута.
Т?б?ктээхэп Бэриэт Сиидэрэбис санаа аралдьытарга диэн ааттаан бу кэлин к?ннэргэ ха?ыат а?алтаран аа?ар буолла. Онтукатын син с??рбэччэ м?н??тэ курдук аа?ар, ол кэннэ хара?а сылайар, тохтоон хаалар. Чаас, икки чаас сынньанар, аа?ыытын эмиэ хатылыыр. Оннук эмиэ биир туспа эрэйдээх дьарыгы булан ылла.
Бу киэ?э уот умуллуон иннинэ эмиэ куолутунан хара?а сылайан, т?б?т? ыалдьан барбыта. Утуйар уу ыгыах буолбута.
Ха?ыатын туора уурбута, утуйардыы сананан суор?анын б?р?нэн кэбиспитэ. Кини хара?ын бы?а симэн, икки илиитин атахтарын икки ардыгар кыбытан кумуйуо?унан кумуйан баран нуктаан барбыта. Сылаата таайда?а, утуйбут этэ.
У?уктан кэлэн туумба ?рд?гэр уурбут ча?ытын к?рб?тэ: уон биири ааспыт эбит. Син утуйбахтаабыт, балтараа чаас курдук. Аны мантан т??н т???, хайдах утуйара буолла?! Айбыт та?ара бэйэтэ билэн эрдэ?э. Эргийэн ойо?о?унан сыппыта, у?а ыты?ын иэдэ?ин анныгар уган хара?ын бы?а симмитэ.
Эмиэ дьэ, ха?ан утуйуохха диэри, санаа-оноо ытыл?ана са?аланна?а…
1
Т?б?ктээхэптэр т?р?т т??лбэлэрэ Быйа?наах диэн аатырбыт к??л ?рд?гэр турар Бар?а дэриэбинэ буолар.
Быйа?наах – икки к?с кэри?э усталаах, хас эмэ биэрэстэ туоралаах, ортотугар дьо?ус арыылаах ытык эбэ. К?т?р?, балыга дэлэйинэн, хара тыатыгар кылааннаах т??лээх, булт-алт араа?а то?уору?арынан ?йэ тухары аар-саарга аатырар. Эбэ или??и ?рд?к э?эрин биир мааны кырдалыгар Бар?а дэриэбинэ олохсуйбут.
Бу к??л тулатыгар хаты? чара? ?т??тэ баар. Тиит, харыйа, бэс мас булкаастаах аар тай?ата му?ура биллибэт киэ? сиринэн тайыыр. Алаастар диэн ааттанар киэ? нэлэмэн сы?ыылар аайы, Быйа?наахха да тэ?нэспэтэллэр, бэрт улахан к??ллэр нэлэ?ийэллэр. Олор тулалара бы-лыр былыргыттан к??х быйа?нарын ?лг?мн?к ?р? анньаллар. От барахсан му?утаан ??мм?т кэмигэр сэниэлээх со?ус сиккиэр тыал сипсийэн барда?ына ходу?а киэ? иэнэ муора долгунун санатан, араас ???нэн биир к?дь?с долгулдьуйар, к?н уотун кытта оонньо?ор тамана кылапачыйа к??гэ?ниир. Ол к?ст?? хайа да бэйэлээх нохтолоох с?рэ?ин долгутар, и?ийбит эрчимин у?угуннарар, ходу?а хо?ууна буоларга булгуччу ы?ырар дьиктилээх. Дьон-сэргэ барахсан бу быстыбат быйа?тан сомсон с????, сылгы ииттэллэр – т??лбэ дьонун бу с?р?н дьарыгын ситимин быспакка хас ?йэлэргэ илдьэ кэлбитин ким да билбэт. Билэ да сатаабат. Ол дьарык ?йэлэр тухары баара, баар буолуо?а да?аны диэн ?йд?б?л бигэтик и?мит т??лбэтэ – Бар?а барахсан буолла?а!
Былыта суох ыраас к???э, салгын сылыйа и?ийэр кэмигэр, ыраах илин диэки Дьаа?ы хайаларын очуостара бэрт чуолкайдык к?ст??чч?. Оччо?о у?ун кураан к?ннэр ??нээччилэр. Дьэ ити кэм?э эдэрдиин-эмэнниин, кыыстыын-уоллуун бука бары хомуллан, бас-к?с дьон дьа?алынан от-мас ?лэтэ к??ст?? оргуйар. «Биир к?н дьылы бы?аарар!» диэн этии маннык былдьа?ыктаах к?ннэргэ анаммыт буолла?а дии саныыгын.
К?н тахсыыта са?ар?а бастаан Быйа?наах эбэ киэ? иэнигэр ча?ылла сыдьаайар, к?м?с м????рэ кыырпахтарын с?т??лэтэр. Онтон тиэтэйэ-саарайа Бар?а ар?аа э?ээриттэн са?алаан бэрт сотору дэриэбинэни сылаас угутунан сабардыыр. Былыта суох буолла?ына, к?н тахсыа?ыттан киириэр диэри бу т??лбэ иэниттэн арахсыбат. Онон бу хоту дойдуга к?н сылаа?ын му?ура баар буолла?ына, ол му?урун илэ билэр дойду – бу Бар?а!
Быйа?наах эбэ?э ?с ?рэх уутун кутар. Саас аайы к??л уута лаппа эбиллэр. Угут дьылларга уу Бар?а томторугар балтараа хаамыы курдугунан эрэ тиийээччитэ суох. Онон буолла?а, айыл?а анаан о?орбут кырдала буолар. Ол ту?унан араас номохтор да бааллар, олортон биирдэстэрэ маннык:
Былыргы дьыллар мындааларыгар, урукку кэмнэр уор-?аларыгар Быйа?наах эбэ биирдик мэндээрэр иэнин эрэ билинэн, онтон атын буолуо?ун санаан да к?рб?кк?, сири-сибиири барытын сабардаан, соро?ор олох чуумпуран, ардыгар аймана дьалкыйан, силлиэ-буур?а аргыстанан, бар?а быйа?ыттан дьону-сэргэни ?л??лээн а?атан-сиэтэн сыппыта ???. ?г?с эр бэртэрэ эбэ м?хс?р-тахсар кэм-нэрин аахсыбакка туран туруула?ан к?р?лл?р? ???. Ол хапсы?ыыга икки атахтаах ба?ыйтаран тыыннарын былдьаталлара, б?тт??н мэлийэн с?тэн хаалар т?гэннэрэ ?г?с эбит. Онон кэлин хайа да бэйэлээх эр бэрдэ ханнык да тыынан, о?очонон эбэ дохсун санаата у?уктубут буолла?ына, санаммат буолбуттар. Кини тулатынаа?ы алаастара буомуран маардарга кубулуйан сир-дойду та?аата кута?нас буола к??гэлдьийэр туруга кэ?ээн испит. Олохтоох баай сир-дойду м?лт??р-ахсыыр кэмэ кэлээри гынна диэн аатырар ойуунун ы?ыран ылан барытын си?илии бы?аарбыт, хайдах кэм кэлиэ?ин ?йд?пп?т, эстии-быстыы чуга?аан и?эрин санаппыт. Ол кэннэ эбэ намы?ах сирин ыйан, ?ллэр с??р?ктээх, будулуйар бурууктаах Орто бараан дойдуну хаба ортотунан киэ? та?аа киэлитин кэ?этэ устар, элбэх ??стээх улуу кудулу ?р?скэ тиийэн уутун кутар суолун тобулар ыллыгын о?ор диэн к?рд???р курдук дьиппиэн, булгуччулаах сорудах биэрбит. Ити барыта дьону?-сэргэ? инники дьоллоох оло?ун суолун арыйыы буолуо?а диэн сэрэппит.
Онуоха ойуун олус ыарахан, иэстэбиллээх соруда?ы биэрди? диэн му?атыйыах курдук буолан баран: «Бар дьо-нум ту?а диэн сорунан к?р??м», – диэбит. – Ол иннинэ ???ээлэргэ тиийэн к???л ылабын, тугу толук уунары бы-?аарсыах тустаахпын диэн сэрэтэн, кэм-кэрдии болдьоспут.
Болдьоспут кэмэ кэлбитигэр ?с т??ннээх к?н кыыран дьиги?ийбит, кутуран кулу?уппут, сата тылын барытын саа?ылаан, алгыыр-кiрдi?iр тылын-i??н ситимнээн, кэриэс-хомуруос тылыгар бэйэтин оло?ун толук уурарын кэрэйбэтин этэн, к?рд???н-аатта?ан сыылла сылдьан бала?ан буорун сиппийбит, ыста?алыы сылдьан са?аан мас ?рд?нэн ????н??б?т. Ол быы?ыгар к?м?л??к о?ох кэннигэр туран сирэйэ икки э?ээринэн элэ?нээбит. Онтон «миигин к??тээри?» диэн баран о?ох ураатынан сирилэс тыас до?у?уолланан к?т?н хаалбыт…
?р со?ус буолан баран эргиллэн, о?ох ??лэ?инэн т??эн кэлбит. Намыраабыт, бытаарбыт курдук буолбут ???. Бала?ан ортотугар ахчаччы тэбинэн туран: «Эбэбит уутун т??эрэр буолла, бэйэтин та?аатын аччатан, сиэрдээх ?рд?г?н тутан турар аналын ылыныа. Кини тула дьон-сэр-гэ б??? олохсуйуо, сыспай сиэллээх, адаар муостаах таптаан то?уору?ар сирэ буолуо, ?йэлэргэ кини баайын, быйа?ын ту?унан сэ?эн кэ?иэ, ???йээн дэлэйиэ!» – диэн бэрт чи?ник, иччилээх ба?айытык тыл ы?ыктыбыта ???. Ол кэннэ хара?ын ???ргэ?инэн к?р?н туран у?уутаабыт, д???р?н былаайа?ынан хаста да сэниэтэ суох охсуолаабыт уонна сууллан т?сп?т да ?лб?т. Кини бар дьонун инники оло?ун ту?угар итинник толук буолбута ???!
Быйа?наах кытылын ???й? Бар?а б????лэгэ, оттон тулатыгар тэйиччи со?ус ?сс? ?с т??лбэ баар. Кинилэр этэ??э олохторун т?рд?н-т?б?т?н, иитин-са?атын барытын эмиэ бу улуу эбэни кытта ситимнииллэр. Олохтоохтор бары билси?эллэр, хардарыта к?м?л?с??эри умнубаттар, ыччаттарын ыал о?ортуур ?гэстэрэ сал?анар. Маннык ?т?? ?гэстэрин киинниир, соргулаах с?бэни тобулар, инники сайдыыга сирдиир сирдэрэ, уйгулаах туса?алара Бар?а буолар. Маны барытын кырдьа?астыын, эмэнниин, эдэрдиин ылыналлар, киин уора?айынан билинэллэр.
Холхуостаа?ын са?ана хас биирдии т??лбэ чугастаа?ы кыстыктарын, сайылыктарын т?мэн туспа холхуостар буолбуттара. Оттон сопхуостары тэрийиигэ бары кыттыспыттара, биир сопхуос буолбуттара, Бар?а дэриэбинэни киининэн билиммиттэрэ, «Быйа?» диэн ааты ылыммыттара.
2
Бэриэт оскуола?а ?ч?гэйдик ??рэммитэ, ордук ахсаан бары эйгэтигэр. Онус кылаа?ы хай?ал суруктаах б?тэрбитэ. Кини Сэбиэскэй Сойуус ?рд?к ??рэхтэрин кы?аларын ту?унан и?итиннэриилэр т?м?лл?б?т бэрт халы? кинигэни ити дьыл балачча сыымайдаабыта буолан баран, дьи?инэн, хайа хайысханы таларын бы?аара илигэ. Эйэ?эс-дьэллэм, кэпсэтинньэ?-ипсэтинньэ?, ылсары-бэрсэри улгумнук ылынар майгылаах Бэриэт уол долгуйар Дьо-куускай куоракка кэлээт, бэрт сотору атас-до?ор уолаттары булуммута. Кинилэр с?бэ-ама кэпсээннэригэр, дь??л-дь???н сэ?эннэригэр кыттыспыта. Онно ордук дойду киин сирдэригэр ??рэххэ тарды?ыы к??стээх курдуга: сайдыылаах, киэ? ыырдаах, басты? учуонайдар т?м?лл?б?т сирдэригэр тиийэн ??рэнэр быдан ордук, кэскиллээх диэн ис хо?оонноо?о.
Аны биирдэ киинэ?э сылдьаары дойдутун ки?итэ Ба?ылай На?абыы?ыны к?рс?н сэ?эргэспиттэрэ, кэлин ыкса билси?эн барбыттара. Кини ??рэххэ туттарса кэлбит уолга сибээс тэрилтэтигэр монтерунан ?лэлиирин эппитэ уонна сибээс эйгэтэ улахан кэскиллээх хайысха буоларын бэрт сэргэхтик, ылыннарыылаахтык ойуулаан сэ?эргиир буолан биэрбитэ. Бэриэт бэркэ сэ?ээрбитэ, сотору ханна ??рэнэ барарын бы?аарыммыта – сибээс ??рэ?ин талбыта. Дойдутун Бар?а дэриэбинэтин сибээ?э м?лт??? бу бы?аарыныыга ордук суолталаах буолбута диэтэххэ омуна суох буолуохтаах.
Киирии эксээмэннэри бэркэ туттаран Новосибирскайдаа?ы сибээс институтун икки миэстэтиттэн биирин ха?аайына буолан ??р??-к?т?? ?р?г?йд??б?тэ. Кини бастакынан убай кэриэтэ санаабыт, с?бэ-ама буолбут биир дойдулаа?ар Ба?ылайга кэпсээн э?эрдэ ?т??т?н, ба?а санаа басты?ын туппута. Дьонугар а?ыйах тыллаах тэлэгирээмэ ыыппыта.
??рэххэ киирбит, олох киэ? суолун арыйбыт уол улахан ки?и буолбутун билинэн, Бэриэт Сиидэрэбис са?а сананан бу дьыаланы уолаттарын кытта сууйар-тарыыр этиини ылыммыта. Уопсай дьиэ?э халба?ы, помидор, о?урсу, балык кэнсиэрбэтэ сокуускалаах а?ылык буолбута. Кини арыгыны бу манна аан бастаан испитэ уонна т?р?т с?б?лээбэтэ?э. Кырыылаах дьэ?кир ыстакаан кыра а?аарынан а?ыы ута?ы испитэ, ол кэннэ ыыра аккаас-таммыта. Т?б?т? кулахачыйбытын, курта?а а?ыйбытын олус аты?ыраабыта. Сокууска а?а туох да амтана суох буолан хаалбыт курдук буолбута. Ону олус дьиктиргээбитэ, со?уйбута, ас амтана уларыйарын билэн на?аа с?хп?тэ. Уолаттар араастаан хаайа сатаабыттара эрээри, Бэриэти кыайбатахтара. Сотору суолун к?нн?рб?тэ, дьиэтин былдьаспыта.
Бу т?гэнтэн арыгыттан илэ ?йд??х т?б? олус дьиктитик дьалкыйарын, тугу да толкуйдаан бы?аара сатаабат буоларын билбитэ. Бэриэт Сиидэрэбис кэлин ону ?сс? илэ билэн чи?ник ?йд??б?тэ. Олоххо ханнык да ыарахан кэмнэргэ, ону у?арытар бы?аарыылары ылынарга илэ ?й? тута сылдьан толкуйдуур, тобулар наадатын уонна ол эрэ бэйэ санаатын-оноотун модьуратарын итэ?эйбитэ. Аны кини ол атын дьонтон олус тутулуктаа?ын билбитэ. Ордук ?рд?к ????лээхтэртэн… Чэ, бээ, ити олус киэ? кэпсээн. Ону кэлин…
* * *
Т?б?ктээхэп диэн араспаанньа кырдьык да наар т?б?г? эрэ т??рэр дуу, ??дэн дуу?!
Т?р?т-уус ки?ибит Т?б?к Т?р?л диэн эбитэ ???. Айыл?аттан у?уох, к??с-уох ?тт?нэн маанылаппыт бэйэтэ, кыанара бэрт буолан буолла?а, ?лэнэн ?л???йб?т, биир сиргэ олорон турбат, ?лэ ?м?р?йдэ диэн тохтоон сын-ньаммат, т?б?ктэн т?б?г? булан ыла турар барахсан эбит. Онтон ситимнээн би?иэхэ араспаанньа кэлбит, та?ара дьиэтин дьа?алынан, ханнык эрэ а?абыыт бы?аарыытынан. Дьи?инэн, уу сахалыыта бэркэ и?иллэр буолан баран тустаахха баттыгастаах со?у?а биллибитэ ыраатта… Бээ, кэбис, ону т?р?ттэргэ хомнуур сыы?а.
Бэриэт Сиидэрэбис оронуттан туран туалекка киирбитэ. Ииктии сатаабыта да дуоннаах кэлбэтэ?э. Хаба?ырбатах да эрээри санаа араа?ын тута сылдьан, ??рэммиччэ, бу дойдуга киирбитин ?йд??н сонньуйан ылбыта. Кини оргууй ч?м??р ?ктээн т?нн?ккэ кэлэн, сабыытын сэгэтэн ыйда?а сырдыгар аллараа тэлгэ?э?э кэккэлэспит а?ыйах массыынаны кы?астаспыта.
Аныгы ?йэ мааны массыыналарын араа?а, дьэ, дэлэйдэ. Аны массыына баай ки?и бэлиэтэ буолбатах бы?ыылаах. Олох тупсарын бэлиэтэ, дьыала эккирэти?иитин ситэ сатыыр ми?э к?л?. Арыычча ки?и бары атыыла?ар, иэскэ да киирэн туран…
Ааспыт ?йэ 70-с сылларыгар кыра массыына сэдэх да этэ. Райком?а, райсовекка, сопхуос дириэктэрдэригэр эрэ баара. Чаа?ынай ки?и ол ту?унан саныыра да сатаммат курдуга.
??рэнэ сылдьан, 16 саа?ын туолан пааспар ыларыгар а?ата, тырахтарыыс Сиидэр, ?лэтиттэн к???ллэтэн, кинини илдьэ оройуон киинигэр дириэктэр массыынатынан барбыттара. Оо, онно ол массыына астык да этэ, тойон са?а санаммыта ээ! Би?иги дойду суола тибиитэ-ха?аата диэн бэйэтин киэнэ буолла?а. Хор онно и?нибэккэ барара, дьэ, к??стээх этэ до?ор, иккитэ буксуйа сылдьыбыппытын аахсыбатахха. Оччолорго ол барахсаны таа?каттан итэ?эс санаабата?ым. С?рдээх сэп этэ…
Саахса ?лэ?итэ дьахтар ааппын муодар?аан:
– Бу туох муода дуу, мо?уок дуу аатый? Бэриэт буола сытыйан?! – диэн баран остуолтан т?б?т?н ?нд?т?н миигин балачча кы?астаспыта.
Мин ону хантан билэн-к?р?н тугу бы?аарыахпыный. Арай м?л?к-халык буоллум бы?ыылаа?а. А?ам абыраабыта:
– С?пк? со?уйа?ын, – а?ам утары к?рб?т?н кубулаппакка бы?ааран барбыта. – Ити ?б?гэлэрбит ааттара. Бэриэт Бэрдэ диэн ки?и баара ???. Тугу барытын бэриэттээн о?оро сатаабыт, бэриэттээн билэ охсубут, сытыы-хотуу уола хаан. Ол ки?и курдук ки?и киэнэ кэрэмэ?э буоллун, оло?ун бэриэттээн дьа?анар ??р?йэхтэннин диэн санааттан ити ааты и?эрэн турабын.
– Эмиэ да бэрт эбит, – пааспар суруйар хотун сэ?ээрбитэ. – Аата к?м?л?ст???нэ оло?ор абыраныа этэ буолла?а, – кини ити тылларыгар онно улаханнык саарбахтыыр дор?оон баара.
Бэриэт Сиидэрэбис оччотоо?у хотун соччо итэ?эйэ сатаабатах сирэйин-хара?ын ?ч?гэйдик ?йд??н хаалбыта. Онноо?ор бу ыалдьан, умнара-тэмнэрэ улаатан баран, ол харахтары бу баардыы ?йд??р. Ааппыт ол бэриэттээн толкуйдуу охсон, ону бы?аара охсорго тиргилиннэрэн, дьэ, ханна-ханна, онно-манна тириэрпэтэ?э баарай?!
Кини ити санаатын салгыы ырыта барбата?а. Илиитинэн салгыны сапсыйан баран ха?ас ыты?ынан сэ?ийэтин имэрийбэхтээбитэ, харахтарын соттуммахтаабыта. Т?нн?к сабыытын кичэйэн саппыта, оронугар т?нн?б?тэ.
3
Бэриэти уопсайга ылбыттара. А?ыйах хонукка Новосибирскай куорат ?т?? миэстэлэрин кытта билсибитэ. Ол билси?ии кэнниттэн онно-манна аралдьыйбакка ??рэххэ т?б?т?н оройунан т?сп?тэ. Умсугуйан ??рэнии т?м?ктэрдээх буолбута: эксээмэннэри ?ч?гэйдик туттарара, оттон спецпредметтэргэ наар «туйгун» сыананы ылара. Иккис куурустан са?алаан билэ-к?р? сатыыр уолу учууталлара чорботон бэлиэтиир буолбуттара. Ону ту?анан институт научнай лабораториятыгар орох тэппитэ, онтон арахпата. Сотору онно бэйэ ки?итэ буолбута.
Сэбиэскэй Сойууска биир улаханынан биллэр «Сибтекстильмаш» собуокка сылдьан, анаан туруоруллубут бырагырааманан бэйэлэрэ ?лэлиир станоктары кытта билсибиттэрэ. Устудьуон ки?и аныгы техника му?ур сити?иилэринэн сэбилэммит тэрилтэни олус диэн с?б?лээбитэ. Собуокка ?лэлиир исписэлиистэри кытта билсибитэ, ордук научнай лаборатория ?лэтин интэриэ?иргээбитэ. Кини манна иллэ? буоллар эрэ кэлэр, ону-маны ыйытала?ар, ити уустук станоктар исхиэмэлэрин и?эн-то?он билэ сатыыр дьарыктаммыта.
Бэриэт институт бибилэтиэкэтиттэн тахсыбата. Сибээскэ тахсар са?а сити?иилэри, арыйыылары эккирээн, булан билсэр, ырытар адьынаттаммыта. Ол сылдьан сорох исхиэмэлэргэ тугу эмэ к?нн?р?р, судургутутар ?тт?н тобулар буолбута. Онтукатын ту?унан учууталларын кыт-та санаа атаста?ара, ырыты?ара, бэйэтин булуутун к?м?ск??р? да сатыыра.
Иккис кууру?у «туйгунунан» б?тэрбитэ. Научнай куру?уок басты? истээччитэ, аатын курдук бэриэттээн билээччи-к?р??чч?, са?аны тугу эрэ тобула сатааччы, ол тула сытыы м?кк??р? тэрийээччи кини буолбута…
* * *
???с куурус са?аланна?ын кы?ын а?ата дэ??э т?бэ?эн суорума суолламмыта.
Ити со?умар ?л?гэртэн Бэриэт ?й?-санаата ы?ыллан хаалбыта, олус со?уйбута, хомойбута. Кини санаатыгар а?ата ?р?? баар буолуохтаа?а, кинини ханнык да алдьархай, о?ол, бы?ылаан булгурутуо диэн ?й?гэр да о?устаран к?рб?т этэ. Ха?ан да улаханнык ытаабытын ?йд??б?т. Арай бу т?бэлтэ?э кини олус айманан куорат кытыытыгар тахсан, мастар быыстарыгар олорон уйа-хайа суох ытаабыта, хомойбут, хоргуппут тыынын та?аарбыта. Бу кэннэ эр санаатын ылынан, дьиппинийэн, ыал улахан ки?итэ буоларын, онон улахан эппиэтинэ?и с?гэрин билинэн, к?т?р аалга олорон дойдулаабыта.
Ийэтэ Оппуруо?а эмискэ ба?айы алта о?отун, с????лэрин, сылгытын кытта со?ото?ун туран хаалбыта. Улахан ки?и Бэриэт ыраах ба?айы ??рэнэ сылдьара, быраат, а?атын аатын ылбыт Сиидэр Дьокуускайга педучилище физкультурнай салаатыгар ??рэнэрэ. Атыттар бары Бар?а?а бааллара.
Бэриэт дойдутугар кэлэн а?атын у?уо?ун т?р??б?т буо-ругар кистээбитэ, уол о?о буолан ытык иэ?ин толорбута.
– Ийээ, чэ, с?бэтэ тобулуо?у?, – а?аларын то?ус хо-нуктаах ахтыытыгар, дьон тар?аспыттарын кэннэ бэйэлэрэ эрэ хаалан баран, улахан уол тыл быктарбыта. – Дьиэ?э эр ки?и хайаан да наада. Онон мин быйыл ??рэхпин ситэрэн баран кэтэхтэн ??рэххэ к???рг? сананным. Бары т?мсэн, бииргэ буолан олорорбут быдан ордук буолуо.
Остуол тула уу чуумпу сатыылаабыта. Олорооччулар, улаханныын-кыралыын, хардарыта сирэйдэрин к?рс?б?ттэрэ, тугу эрэ кэтэ?эрдии илиилэрин кумуччу туттан остуол анныгар уган, аны, ийэлэрин диэки хайыспыттара.
Оппуруо?а итинник эрэ бы?аарыныыны к??ппэтэх буолан со?уйан мах бэрдэрэн, улахан ки?итин хомоппот санаатын урутатан, туох диэ?ин сыымайдыы олорбута.
– Бэриэт, эйиигин инньэ диирэ буолуо диэн сэрэйбитим, – ийэ барахсан ити, дьи?эр, ханарытан эппит са?ата этэ. Ити ту?унан т?б?т?гэр о?устарыахтаа?ын са?а ?йд??н кэлбитэ. – Этэри? с?п. Улахан ки?и тыла, – Оппуруо?а ити кэннэ чааскытыгар эбии сылаас уу кутуммута, ылан сыпсырыйбыта. Онтон уолун утары к?р?н олорон. – ¤ыччыай, ити соччо с?б? суох бы?аарыныы буолуо. Би?иги манна элбэхпит, улааппыт дьоммут. С?бэ-ама к????нэн тугу барытын, куруутун баар, билэр-к?р?р дьыалабытын кыайар-хотор кыахтаахпыт. Онон эн муох-чуох буолбакка ??рэнэри? наада. ??рэххэр ?ч?гэйгин. Би?иэхэ манна учууталлары? махтанар суруктара кэлбитэ ээ – ??рэххэ ?ч?гэйи?, бэрээдэктээ?и? ту?унан. О?олоргор суол тэлээччи эн буолла?ы? дии. Би?иги дьиэ?э, а?абытын суохтаппат ту?угар, эн ??рэ?и? баар-суох кылаабынай дьыалабыт буолар. Онон эн ??рэн, наар ?ч?гэй сыананан б?тэр, – ийэ барахсан ити тылларын этэн баран остуол тулатыгар олорор о?олоруттан, чугас аймахтарыттан бигэргэтии к?рд??н: – С?пк? этэбин буолбат дуо? – диэн ыйыппыта.
– С?п, с?п… Оннук… – о?олор хоруйдара судургу этэ.
– Бэриэт, ийэ? этэрэ саамай с?п дии саныыбыт би?иги, – Оппуруо?а бииргэ т?р??б?т балта Маайа кэпсэтиигэ кыттыспыта. – Эн ??рэ?и? би?иги аймахха барыбытыгар улахан суолталаах. Ыччаппыт бары эйигин ?т?кт??, баты?ыа этилэр буолла?а дии.
– Нохоо, Бэриэт, бу орто дойдуга букатын кэлбит суох. Дьыл?а хаан бы?аарыытынан ким уруттуур, ким хойутуур, – а?аларын Сиидэр убайа, аймах ытык кырдьа?а?а К?ст?к??н Т?б?ктээхэп то?олохторун остуолга ууран икки ыты?ын холбуу тутан, онно сы?аа?ын ?й??б?тэ, билигин да уоттаах харахтарынан аймах дьон тумус туттар о?отун тобулу к?р?н олорон с?бэтин са?алаабыта. – Сиидэргэ толорута суох дьыл?а анаммыт эбит. Кини дьыл?атын сал?ааччылар бааргыт. Бу кэчигирэ?эн олоро?ут, – ыты?ын нэлэ?нэппитэ. – Онон э?иги этэ??э са?аламмыт ханнык да дьыаланы дьалкытар, т??рэ?нэтэр ту?унан араас санааны булунума?. Туох барыта дьалкыйда, тугу барытын т??рэ?нэтти? да – ол ха?ан да?аны эмискэ тохтоон хаалбат. Ха?ан ба?арар биэтэ?ниирэ, будулуйара, буккуллара у?ун буолар. Ону оннун булларарга эмиэ сыра-сылба наада. Онон эн ??рэммити? курдук ??рэн, улахан ??рэхтээх ки?и буол. Омук бэртэрин кытта тургуту?ар кыахтаах ки?и буол. Аймахтар санаабыт, с?бэбит оннук…
* * *
Ата?астанар диэн олус да абалаах. Аны ону утары тугу да гынар кыа?ы? суо?а ?сс? кы?ыылаах, ону аа?ан олус ыарыылаах. Бу кэбилэнэ сытабын дии. Аныгы мэдисиинэ к??стээх буолан ?р?т?ннэ?им. Били аба?ам К?ст?к??н барахсан эппитигэр дылы, Дьыл?а хааным ?сс? да кэми-кэрдиини утары уунар буолан улаханнаппатах буолла?ым. Саамай ?ч?гэйэ – ?й-санаа т?тт?р? барбата?а, бысталаммата?а ?ч?гэй…
Э?эм Б??т?р, ийэм а?ата, олус с?рэхтээх, тэрээ?иннээх, дьо??о-сэргэ?э тылын ылыннарар ки?и киэнэ кэрэмэ?э эмиэ быстах дьыл?аламмыт эбит. Т??ннэри, к?ннэри т?б?г?рэн, утуйар ууну умнан, бэйэ толкуйунан, илии-атах к????нэн кыа?ыра сатаабыт, элбэх с????н?, сылгыны ииппит. Сэбиэскэй былаас олохтонорун, ?лэ?ит, с?рэхтээх-бэлэстээх дьон кыа?ырыахтарын ту?унан ?р? к??р??лээх кэпсээни кини би?ирии к?рс?б?т ээ. Онтон аны артыаллар, холхуостар тэрээ?иннэрэ с????лээх-астаах дьон ?рд?нэн баралларын с?б?лээбэтэх. С?п ээ. ?йэтин тухары хара к?л???н?нэн муспут баайын буор босхо биэрэр диэни ким с?б?л??й?!
Буруйа диэн – баай ???! Ол баайы дьону к?л???ннээн мунньуммут ???! Кими да хамначчыт о?остубута диэн суох ээ. Аймах дьон кытты?ан, с?бэ-ама тобулан, бииргэ ?лэни-хамна?ы тэрийэн кыа?ырбыттар.
?лэлээн му?наммытын и?ин, баайын-дуолун ба?а ?тт?нэн сиэтэн а?албата?ын буруйугар, биэрэр да буолла?ына туох эмэ т?л?б?р, тугунан эмэ боруоста?ыы баар буолуохтаа?ын эппитин аньыытыгар кулаах буолар. Барытын былдьаан ылаллар. Бэйэтин ?сс? хаайыыга ыытал-лар. Мантан ордук туох ата?астабыл баар буолуон с?б?й?!
Ол кэннэ мин э?эм эрэйдээх, кини о?олоро, аймахтара барахсаттар туох диэннэр са?а кэлбит былаа?ы таптыахтарай, илэ-сала т??эн уруйдуохтарай? Итинниккэ т?бэспит кинилэр эрэ буолбатахтар ээ, элбэх б???, ахсаана биллибэт элбэх!
Ити ата?астабылы утары тугу гыныахтара баарай, мэлигир буолла?а. Былаас кэрээнэ суо?ун туох да уодьуганнаабат уонна оннук к??с ?т?р?нэн к?ст?? да суох чинчилээх. Билигин да оннук…
Т?б?ктээхэп ?б?гэлэрин ата?астабылын, эбиитин онно бэйэтин киэнин санаан кэлэн хара?ыттан уу-хаар ба?ан барбыта, ыгыллан кыратык ытаан ылбытын кыатаммыта. Ону аралдьытан оронуттан туран кэлбитэ уонна эмиэ туалет диэки хаампыта…
4
Все книги на сайте предоставены для ознакомления и защищены авторским правом