978-5-7696-6610-0
ISBN :Возрастное ограничение : 0
Дата обновления : 09.05.2023
Аттаах эрэспиэскэ?иттэр алааска к?т?тэн киирээт, эккирэтэр ки?илэрэ булгунньах оройугар тахсан турарын к?р? биэрэллэр. Харса суох ?р? харбатан кэлэн истэхтэринэ, К??к?й ыстаанын сулбурутан кинилэргэ эмэ?этин к?рд?р?р уонна к?п этин таптайар. Ол кэннэ ыстаанын тардыммытынан булгунньах н???? ?тт?гэр та?нары с??рэн т??эн, ойуур быы?ынан а?ыйахта элэ?нээн хаалар.
Кы?ыллар то?уу хаарынан булгунньа?ы эргийэн, хайыы ?йэ ырааппыт ки?ини кэнниттэн мээнэ ытыалыыллар да, хантан табыахтарай?! Дьэ, кы?ыы!
Маатыры-куутуру хойдон истэ?инэ, икки саха байыастара к?л?? б???н? к?лэллэр:
– Ребята! Бросьте ругаться! Мы знаем этого парня! Его невозможно догнать! Ни конному, ни пешему! Это знаменитый бегун и прыгун по якутским прыжкам! И совсем он безобидный человек. Мы зря за ним гнались. За это он здорово обиделся и показал нам то, что надо!
Ити кэнниттэн кы?ыл эрэспиэскэ?иттэр, бары к?лсэ-к?лсэ, т?тт?р? ойуталлар. Бу т?бэлтэ ?р??нэргэ да, кы?ылларга да к?рд??х кэпсээ??э кубулуйан тар?аммыта.
* * *
?р?? бастаанньа, дьаалатынан ыыттахха, тохтуур кыа?а суох буолбутун бары ?йд??б?ттэрэ. Губбюро уонна губчека, губревкомтан ыйыта барбакка, бастаанньаны тохтоторго бэйэлэрэ хайдах ?йд??ллэринэн-саныылларынан дьа?анарга соруммуттара: «Куорат и?игэр уонна чугастаа?ы улуустарга олохтоох нэ?илиэнньэттэн бастаанньа?а кыттыбыт уонна бастаанньыстары ?й??р санаалаахтара уорбаланар дьон урууларын-аймахтарын, чугас дьоннорун испии?эктээн, онтон хомуйан – солуок ылан, концентрационнай лаа?ыр арыйан, онно тутарга! Бастаанньа оччо?о тохтуо?а!» – диэн с?бэлэспиттэрэ.
Губчека?а ?лэлиир олохтоох кадрдарын мунньан олорон, т??ннэри испии?эк о?орбуттара. Сарсы??ытыгар ону губревком?а к?рд?рб?ттэрэ, сыалларын-соруктарын били?иннэрбиттэрэ. Ойуунускай, бэрки?ээн, утарсан-туруула?ан к?рб?тэ эрээри, Лебедев, Агеев уонна Козлов, ????н, к?м?л??н м?р?йд??н, илиилээхатахтаах гымматахтара. Атын олохтоох салайааччылар: нууччалар, сахалар – бары, са?ата суох хаалбыттара.
Губчека ?лэ?иттэрэ к?ннээбиттэрэ. Чэкиистэр бу мунньахха ба?ылыыр-к???л??р, инникитин да?аны кинилэри ким да утары к?рб?т?н сити?эр кыа?ы ылбыттара. «Триумвират» санаата, сыала-соруга туолбута.
Концентрационнай лаа?ыры Марха?а тутар буолбуттара.
?рг?лдь?, ма?най – куорат и?иттэн, онтон чугастаа?ы улуустартан дьону хомуйан барбыттара. Тутуллубут дьон ?ксэ – дьахталлар, эдэр о?олор уонна кырдьа?ас о?онньоттор этилэр. Биллэр-к?ст?р дьонтон Слепцов Дмитрий Иванович-Бачыгыратар Уола бу кэм?э тугу да билбэккэ-истибэккэ олорон т?бэспитэ: «Мин бастаанньа?а туох да сы?ыаным суох! Уопсастыба оло?ор аны актыыбынайдык ороо?ор санаа да, ба?а да суох!» – диэбитин истибэтэхтэрэ. Атын да кини бараата, ?сс? лаппа а?а да саастаах о?онньоттор элбэхтэрэ.
Мархатаа?ы концентрационнай лаа?ырга олус элбэх ки?ини хаайбыттара. Кинилэри губчека этэрээттэрин дьоно харабыллыыллара. Олор истэригэр Борун уонна Глыгало диэн ыраахтаа?ы са?ана Саха сиригэр к?ск? кэлбит бэ?иэччик-холуобунай буруйдаахтар у?улуччу чорбойоллоро. Иван Федорович Борун 45 саастаах, саа?ын тухары араас централга, пересыльнай т?рмэ б????? хаайыллыбыт, тас к?р???ттэн да ханнык ба?арар ки?и «?ык» гына т??эр к?р??нээх ки?и этэ. Боруннаах Глыгало 1917 с. Олунньутаа?ы ?р?б?л??сс?йэ са?ана Е.Ярославскай уонна Григорий Петровскай хаайыыттан босхолообут 200 холуобунай буруйдаахтартан хаалбыт дьон этэ. Ба?ылыктара – Янкель Герсиевич Бук ытыллыбытын кэнниттэн, Саха сиригэр хаалбыт бу дьон, хайдах эрэ быыс булан, и?эн-са?ан сылдьыбыттара.
1920 с. губчека кэр-дьэбэр, кирдээх ?лэлэргэ туттар сыалтан т?бэ?иэх дьону «?лэ?э» ылаттаабыта. Ол «са?а ?лэ?иттэр» хара ма?найгыттан биллэн-к?ст?н барбыттара: урукку Уобалас Сэбиэтин, онтон Колчак милииссийэтин начаалынньыга Клингоф чэкиис буолаат, «Оросин саагыбара» диэн а?аардастыы уорбалаа?ы??а эрэ оло?урбут дьыаланы «арыйбыта».
Степан Литвинов чэкиис буола сылдьан, уруккуттан ?ст???р ки?итин – Елпидифор Егасовы – «Олунньутаа?ы саагыбарга» сы?ыаран ыттарбыта. Оттон Борун 1921 с. кы?ын «Арыгы уонна пиибэ монополиятын» ба?ылыгын Бартели уонна урукку полицмейстер Илья Рубцову кыыллыы ытан ?л?рт??б?тэ.
1921 с. сайын Борун уонна Глыгало Илин Э?ээр улуустарынан сылдьан, элбэх бас-баттах, быдьар бы?ыылары о?ортообуттара. Дьону халыыллара, дьахталлары к????л??ллэрэ. Кинилэр ити нэгэй, чиччик бы?ыыларынан элбэх ки?ини – Сэбиэскэй былаас ?лэ?иттэрин – тэйиппиттэрэ. Ол курдук, «Холбос» боломуочунайа Матвей Матвеевич Сивцев-Маппыайдаан Маппый абатыттан ?р?? бастаанньа?а холбоспута.
Холуобунай буруйдаахтартан ?лэ?иттэрдээх чэкиистэр Иркутскайдаа?ы салалталарын соруда?ын толорон – Коробейниковы, Толстоуховы, Земфировы уо.д.а. кэтээ?ини сатаабакка, куоттаран кэбиспиттэрэ. Дьэ, маннык «чэкиистэри» губчека бэрэссэдээтэлэ Агеев тутан олорбута. Уонна Марха?а тэриллибит концентрационнай лаа?ырыгар харабыл о?остубута. Губчека концентрационнай лаа?ыры аспытыттан ?р?? бастаанньа тохтообото?о, ?сс? к????рэн, босхо барбыт тыа ба?аарын курдук, иннигэр т?бэспити имири солоон, Дьокуускайга чуга?аан испитэ.
* * *
Дьокуускай куорат и?игэр уонна кытыы сэлиэнньэлэргэ байыаннай бала?ыанньа уонна комендантскай чаас олохтоммута олохтоохторго бэрт элбэх уустугу, эрэйи-кы?ал?аны а?алыы?ы: киэ?э алта чаастан сарсыарда алта?а диэри ким да уулусса?а быгыа, онно-манна кэлиэ-барыа суохтаа?а. Анал пароллаах, эбэтэр буруопустаах эрэ буоллаххына наадыйар сиргэр, дьо??ор барыаххын с?б?. Ол и?ин киэ?э алта?а диэри туох баар ?лэ?ин-хамнаскын, араас наада?ын б?тэрэ-т?м?кт?? сатыыр т?б?ккэ киирэ?ин.
Т??н аайы олбуордарын и?игэр су?ал наадаларыгар сылдьааччы дьон уулусса?а: «Стой! Куда идешь»! «Пароль!», «Показывай пропуск!», «Стоять на месте!», «Немедленно стой!» – уо.д.а. ха?ыылары истэллэрэ.
Бэл, саа тыа?а т????? чуумпуну уйгуурдара. Сарсыарда и?иллибитинэн, милииссийэ хонтуоратыгар элбэх дьону тутан а?албыттара и?иллэрэ: ки?и ыалдьан су?ал к?м??? эмчити ы?ыра сылдьан т?бэ?ээччи, кистээн к?сс??лэ?эр пааралар, бэл, су?ал наадатыгар нуу?унньук, эбэтэр олбуор муннугун-ханныгын к?рд?? сылдьааччы т?бэспит буолаллара. Биирдэ, бэл, т????? патруль «Стой! Куда идешь!» ха?ыытын «истиэн ба?арбатах», т?р????ттэн таас дь?лэй ки?ини ытан кэбиспиттэрэ и?иллибитэ.
Ол гынан баран, олохтоохтор, ханныгын да и?ин, сыыйа, комендантскай чаас иннинэ дьыалаларын-куолуларын б?тэрэргэ-о?орорго ??рэнэн барбыттара.
Куорат и?игэр мас-муус тиэйэн а?ыыр-та?нар элбэх дьон баар буолан, тэрилтэлэр уонна чаа?ынай да ыаллар «бур-бур» буруо та?ааран олороллоро.
Быйыл к???н, куорат и?игэр к???н киирэн, ?лэлээн а?аан-та?нан олорор икки атастыылар – эдэр дьон, куорат байыаннай хамаандатын ха?аарыматыгар са?аан мас тиэйэн истилэр. Олбуор ааныгар кэлиилэригэр «Интернационалы» ыллаабытынан сулустаах хороох бэргэ?элээх, синьиэллээх, обумуоткалаах бачыы?калаах красноармеецтар этэрээттэрэ кэккэнэн тахсан кэллилэр:
«…Вставай, проклятьем заклейменный
Весь мир голодных и рабов!..
Кипит наш разум возмущенный
И в смертный бой вести готов!..»
Атастыылар сыар?алаах аттарын кытта туоруу охсон биэрдилэр уонна соттор, хаты? миинньик тутуурдаах красноармеецтары к?р?н турдулар:
– Араа?а, баанньыкка сууна бардылар!
– Ээ, дьэ, энэлийэн т??эн, ырыа да б???, до?оор! Атын ырыа суох му?а дуу?!..
– Са?арба! Тылгын кыана тутун! Аны, тылгыттан хаптара сылдьаайа?ын! Ити бассабыыктар саамай таптыыр ырыалара! Оройдотту? дуо!?
Ити ыккардыгар этэрээт уулусса эргииригэр киирдэ. Сотору атын ырыаны ыллыыллара и?илиннэ:
«… Смело мы в бой пойдем?
За власть Советов!
И как один умрем!
В борьбе за это!..»
– Дьэ, бу олох атын ырыа! Сэрии дьоно ыллыахтарыгар, чахчы с?пт??х ырыа!
– Сэриигэ киирэн, харса суох кыргы?ан охтуохтаах дьон ырыалара!
– Чахчыта, оннук бы?ыылаах!
– Ити саллааттар – эдэр нуучча уолаттара, араас да сирдэртэн би?иги тымныы дойдубутугар сулууспалыы, сэриилэ?э да кэллэхтэрэ. К?р???н дии – бу хаарга бачыы?канан, обумуотканан сылдьаллар! Бука, бары да, ымсыыран-ба?аран туран кэлбэтэхтэрэ чахчы!..
Куорат олохтоохторо бу к?ннэргэ кы?ыл саллааттар стройунан и?эн ыллыыр ырыаларын элбэхтик истэллэрэ. Кы?ыл саллааттар ыллыыр ырыалара бары ?р?б?л??сс?йэ ырыалара: «Варшавянка», «Смело, товарищи, в ногу!», «Интернационал», «Смело в бой пойдем!..» уо.д.а. Саха эдэр ыччата бу ырыалары нойосуус билэргэ кы?анара, тэ??э ылла?ара. Эдэр ыччат бу сылларга урукку куорат олохтоохторун таптаан ыллыыр ырыаларын ыллаабат буолбута: «мещанскай ырыалар» диэн. Куорат и?игэр урукку ыраахтаа?ы былаа?ын са?анаа?ы култуурунай-сырдатар тэрилтэлэри барыларын сабан кэбиспиттэрэ.
* * *
?р?? бастаанньа суо?ун-суодалын кы?ыллар салалталара, хара ма?найгыттан ситэ сыаналаабата?ын салгыы ыыта олорбута. Кыра-кыра этэрээттэри ыыталыылларын бастаанньыстар кырган и?эллэрэ. Ол этэрээттэр саалара-саадахтара бастаанньыстар илиилэригэр киирэрэ.
1922 с. са?аланыытыгар командующай П.Ф. Савлук ыалдьан, кинини быстах кэм?э ревтрибунал бэрэссэдээтэлэ А.Г. Козлов солбуйан олорбута. Дьэ, ол олорон А.Г. Козлов тохсунньу 2 к?н?гэр Илин Э?ээр улуустарыгар турар кы?ыл этэрээттэригэр маннык бирикээ?и ыыппыта:
«… отбросить всякие сентиментальности как с бандитами, так и с мирными гражданами. Бандитов, захваченных где бы то ни было, расстреливать без пощады; граждан, населяющих наш тыл, содействующих бандитам, в чем бы это содействие ни выражалось, указанием ли бандитам нашего расположения или численности, представлением ли им подвод для передвижения фуража и продуктов, или просто в том, что-то или иное селение, при посещении его бандитами, представляло им квартиру и об этом не сообщила нашему командованию, просто оставались пассивными – расстреливать каждого пятого в селении, без всякой пощады…..всякое попустительство, виной которому хотя бы была просто пассивность и запуганность, как они пытаются объяснить впредь, должна караться беспощадным образом…»
Козлов бу бирикээ?игэр маннык оруо ма?ы ортотунан этиилэрэ «кы?ыл террорга» – «кы?ыл бандьыыттаа?ы??а» олук буолбуттара. Бу бирикээс, хомойуох и?ин, ?с ыйтан ордук кэм?э, к????н с?тэрбэккэ туттулла сылдьыбыта.
Кы?ыллар ?рд?к? командованиелара куттала суох сиргэ – ыраах тыылга олорон маннык бирикээстэри та?аарара. Кы?ыллар, итинник кыырыгырыыларын аайы, са?аттан са?а бастаанньа этэрээттэрэ тэриллэн испиттэрэ.
Лебедев – Агеев – Козлов «триумвираттара» тыылга олорон хойгур дьа?алларыттан ?р?? бастаанньыстар хабыр илиилэригэр т?бэспит чэкиистэри, ревкомовецтары, хомуньуустары, хомсомуоллары, кы?ыл армеецтары ?л?рт??н барбыттара. Атыннык эттэххэ, «триумвират» бэйэтин эппиэтэ суох дьа?алымсыйыытынан элбэх к?нн?р? сэбиэскэй дьону ?л?р ?л??гэ умса анньан биэрбитэ.
1922 с. тохсунньу ортотугар кы?ыл командование Феодосий Митрофанович Сыроватскай диэн хамандыырдаах, 21 байыастаах, биир илии пулеметтаах дьо?ус этэрээти Амма ту?аайыытынан ыыппыта.
Бу этэрээт Амматтан утары кэлиэхтээх этэрээти кытта холбо?он, Майа-Амма аартыгын «ыраастыыр уонна эрэспиэскэлиир» сорудахтаа?а. Маннык сыал-сорук хайдах да туолар кыа?а суо?а. Этэрээт дьоно да ону ?йд??ллэрэ.
Этэрээт Майа?а кэлэн хас да хоммута. Хамандыыр уонна байыастар бары бииргэ суула?ан сылдьаллара. Олохтоохтор кинилэргэ а?а?астык тугу да кэпсээбэтэхтэрэ. Ол т?м?гэр этэрээт дьоно ?р??нэри ыраах баалларын курдук ?йд??б?ттэрэ. Дьи?эр, ?р??нэр олох чугас сылдьан, кинилэр хас хардыыларын аа?а, кэтии сылдьыбыттара.
Кы?ыл этэрээтэ сарсыарда туран, бииргэ сууласпытынан, илин диэки аттаммыттара. Майа?а ким да хаалбата?а. Инники 5 байыа?ы чу?нуур курдук ыыппыттара. Бары ы?ыыр аттаах этилэр. С?р?н этэрээт лаппа хаалан испитэ.
Инники испит 5 байыас Хаты? ?рэх диэн сиргэ то?уурга т?бэспиттэрэ. ?с ки?илэрэ ?р??нэр к?рг??м?нэн ытыыларыттан аттыын, бэйэлиин ?л?н т?сп?ттэрэ. Со?отох Михаил Грузных эрэ дьонугар тыыннаах т?нн?н кэлэн то?ууру эппитэ.
Биир байыас то?ууру аа?аат, ата буулдьа?а табыллан, охтон т?сп?тэ. Сатыы хаалбыт ки?и суолунан ар?аа т?нн?р кыа?ын былдьатан, иннин хоту – илин диэки с??рэ турбута. Кэнниттэн ?с бастаанньыс эккирэппиттэрэ. Эккирэтээччилэр кинини кэнниттэн ытыалаатахтарын аайы хардары ыта-ыта с??рэн испитэ. Сотору ботуруона б?пп?тэ. Эккирэтээччилэр Бэрдьигэс К?р?? диэн сиргэ кэлиитэ ситэн ылбыттара. Чуга?аан баран ытаары кэккэлээн истэхтэринэ, кы?ыл байыас ыксаан: «Маама!» – диэн са?а аллайбыта. ?й?гэр кылгас оло?ун урут уонна соторутаа?ыта ааспыт бэлиэ т?гэннэрэ т?м?ллэн, хара?ар бу баардыы элэ?нэспиттэрэ. Кини хомсомуол этэ. ?с хонуктаа?ыта Дьокуускайтан манна кэлэллэригэр бары с?рдээх бэ?иэлэй, омуннаах да этилэр. Арай, таптыыр кыы?а Муся эрэ, с?рэ?э тугу эрэ таайбыт курдук, хара?а ууланан, сайы?а хаалаахтаабыта.
Бу и?эр ?с ?р??нэр кинини а?ыныах сирэйдээх-харахтаах дьон буолбатахтара тутталларыттан-хапталларыттан да к?ст?р. ?й?гэр, аны былырыын кы?ын олунньуга чэкиистэр «арыйбыт» «Олунньутаа?ы саагыбардарын» дьонун ытыалаан ?л?р??гэ кытыннарбыттара к?ст?н кэллэ. Оо, оччолорго кинилэр тугу да ?йд??ыры?алыы сатаабат, улаха??а уурбат да эбиттэр!
Ытар дьоннорун, онно, ытыалыахтарын иннинэ, трибунал комендана уонна бэйэлэрин хамандыырдара: «Бу контрреволюционердар, саагыбарсыктар сир ?рд?ттэн сиппийиллиэх тустаахтар! Кинилэри а?ынар наадата суох! Бирикээ?и халба?наа?ына суох толоруохтааххыт!» – диэн ы?арыйа былаан эппиттэрэ. Ытыллааччылар сирэйдэрэ-харахтара к?л?г?рб?т??н! С?рдэрэ-куттара тостубутуон! Арай Николай Желобцов диэн ?рд?к ??рэхтээх саха олус кытаанах ки?и бы?ыылаа?а, ытыллаары туран: «Да здравствует Белая Армия!» – диэн ха?ыытаабыта.
Кинилэр, эдэр о?о дьон, ити дьону ыталларын улаха??а уурбатахтара: «?р?б?л??сс?йэ, сэбиэскэй былаас уонна бассабыык партиятын ту?угар тугу ба?арар о?орор с?п!» – дии саныыллара.
?л?р ?л?? бэйэ?э тирээн кэлэрэ ку?а?ан да буолар эбит! Эдэр саа?а, ийэтэ-а?ата, таптыыр кыы?а, до?отторо-табаарыстара бары кини кэннигэр хааллахтара! Аата, абатын, дьыл?ата икки?ин олох олорору к???лл??рэ буоллар, маннык кини бэйэ-бэйэни симэлитэр ?л?рс?? суолун талыа суо?а этэ! Аата, абатын!..
Эккирэтээччилэр олох чугас кэллилэр. Муннуларынан-айахтарынан тыыналлара бургучуйара, ????ннээхтик к?рб?т харахтара субу к???ннэ. ????н тутан и?эр бэрдээннэрин ытардыы ыллылар.
– Не стреляйте! Сдаюсь! – трехлинейкатын хаарга бырахта. ?с саа тыа?а утуу-субуу, атарах-сатарах ньиргийдилэр. Разведчик, аргыый, хаарга сууллан т?стэ. И?ийэн турбут кы?ы??ы тыа и?иэттэн ылбыт курдук буолла…
* * *
Бу кэм?э куораттан араас ту?аайыыларынан чэкиис хамандыырдардаах а?ыйахтыы байыастардаах кыра этэрээттэр ?р??нэри чу?нуур, олохтоох нэ?илиэнньэни хонтуруоллуур сыаллаах-соруктаах эрэспиэскэ?э диэн ааттаан барыталыыллара уонна к?н?нэн т?нн?лл?р?.
Мэ?э улуу?ун Дьабыыл нэ?илиэгиттэн т?р?ттээх Николай Васильевич Петров
уонча ки?илээх кыра этэрээтинэн Нам ту?аайыытынан хаста да сылдьан кэллэ. Ол тухары тугу да дуоннаа?ы билбэккэ т?н?нн?лэр. ?р??нэри туо?уластахха, нэ?илиэнньэ «билбэттэн» атыннык хоруйдаабата, дьэ, дьикти!
Б?г?н сарсыарда, халлаан сырдыан иннинэ, Петровтаах тохсуо буолан, Нам ту?аайыытынан бардылар. Бу сырыыга ыраатар санаалаахтар. Ы?ыыр аттаах буолан, айаннара да т?ргэн. Марханы, Тулагыны, Киллэми аа?ыыларыгар халлаан олох сырдаата. Киллэм дэриэбинэтин аа?ан, быраан тэллэ?эр чуга?аан истэхтэринэ, у?а ?тт?лэриттэн ойо?олуу, б?лк?й талахтар кэннилэриттэн, с??рбэччэ аттаах дьон сааларын илиилэригэр туппутунан тахсан кэллилэр! «?р??нэр!» – дии санаата Петров. Кини дьоно эмиэ сааларын илиилэригэр ыла о?устулар.
?р??нэргэ диэри баара-суо?а икки с??счэкэ хаамыы эрэ бы?ыылаах. ?р??нэр сааларын туппутунан Петровтаа?ы суолларын б??л?? кэннилэринэн ойуттулар. Кы?ыллар, чугуйар суолларын былдьатан, иннилэрин хоту суол устун ыстаннардылар. Т?ргэнник быраан хоонньугар киирэ охсоору, эниэни ?р? с??рдэн тахсыбыттара: оол курдук, иннилэригэр с??рбэччэ ки?илээх этэрээт турара к???ннэ. Иннилэригэр турар этэрээт дьоно, кинилэри к?р??т, сааларын илиилэригэр ыллылар уонна утары хаамтарбытынан бардылар.
– Нам конец! Что будем делать? – Петров у?а ?тт?гэр испит эдэр нуучча уола солбуйааччыта, ыксаабыт куола?ынан ыйытта.
– Товарищи! Умирать будем с музыкой! Приготовьте оружие к бою! – ???ээ уо?угар туора тэбэ сылдьар муу?урбут кугас бытыктаах саа?ырбыт ки?и, отделение хамандыыра, бинтиэпкэтин сомуогун тардыалаан ла?ыр?атта.
– Ребята! Спокойно! Без моего приказа не открывать огонь!.. Беспорядочной стрельбой спровоцируем их на перестрелку! Их слишком много! Нахрапом не возьмем! Попробуем, что выйдет, на переговоры с ними! Держите себя на руках, иначе, неминуемая гибель нам грозит!» – Петров дьонун уоскута сатаата.
Ону дьоно, истибэккэ, кы?аан бардылар. Кинилэртэн харахтарын араарбакка испит ?р??нэр, хап-сабар утары кы?ыы биэрдилэр. С??рбэччэ бэрдээннэр ч???р?сп?т айахтара, ?л?? уотунан у?уураары, кинилэри ту?улаатылар. Петров т?ргэн ?л?гэрдик кэннин хайы?ан к?рб?тэ – суол ???лл??т?гэр кэннилэрин быспыт ?р??нэр, кинилэри кы?аан тураллар эбит!
«Кириэстии к?рг??м?нэн ытыы?ылар! Кыра эрдэхтэриттэн саа?ыт сахалар сыы?ыахтара суо?а! Ыт ?л??т?н ?л?р дьон буоллубут!» – диэн санаат хамаанда биэрдэ:
– Ребята! Немедленно опускайте оружие!
Петров хамаандалаабытын дьоно истибэтилэр да бы?ыылаах – отделение хамандыырыттан уратылар бары сааларын уо?а сал?алас! «Итинник ытан кими табыахтарай, аны ал?ас хайалара эрэ чыыбы?ын т?л? тардан кэби?иэ?э!» – диэн санаа т?ргэн ба?айытык «кылам» гына о?уста:
– Я же сказал опустить оружие! – иначе всем нам грозит неминуемая гибель! – кыы?ыран куола?ын ?рдэппитигэр биирдэ, дьоно сааларын т??эрдилэр.
– Саа?ытын т??эри?! – ?р??нэр диэкиттэн с??, дор?оонноох куоластаах ки?и хамаандалыыр са?ата и?илиннэ.
Кы?ыллары иннилэрин б??л?? и?эр ?р?? бастаанньыстар этэрээттэрин саллааттара сааларын аллара туттулар эрээри, ха?ан ба?арар т?ргэнник ыта охсорго бэлэм истилэр. Петров кэннин хайы?ан к?рб?тэ – кэннилэринээ?и этэрээт саллааттара сааларын т??эрэн, бары суолу б??л?? кэккэлээн тураллар эбит. Иннилэригэр утары и?эр этэрээккэ чуга?аан истэхтэринэ, ?р??нэр кэккэлэриттэн нэлим сиэллээх кы?ыл улаан аты мииммит баара?ай улахан ки?и инники та?ыста.
Кини у?а илиитин ???э к?т?хп?т?гэр, дьоно тохтоон аара турдулар.
– Ребята, стойте здесь и ждите меня, – дьонугар эппитигэр, тохтоон, к???тэн турдулар.
Икки ?ст??х этэрээттэр хамандыырдара утары к?рс?рд??, суол устун аа-дьуо хаамтаран истилэр. Петровка ?р?? этэрээтин хамандыыра аттыын-бэйэлиин оло?хо бухатыырын дуу, былыргы кыргыс ?йэтин боотурун дуу курдук к???ннэ. Тымныы буолан халы?нык та?ныбыта дуу, бэйэтэ оннук баара?ай та?аалаа?а дуу – бухатыыр курдук мо?уоннаах, туттунуулаах ки?и! Туттара-хаптара н??эр ба?айы ки?и, Петров иннигэр кэлэн атын тохтотон, тэ?иинин тардан туран с???д?йдэ:
– Чыкаа чулуута Б?т?р??п! Бу аата тугу гына сылдьар бы?ыыгыный?! – Петров бэркэ билэр с?? куола?ын дор?оонноруттан со?уйан ходьох гына т?стэ.
Анараа??ыта кинини дь?л? ??тт??рд?? батары к?рб?т харахтарын бэркэ билэр курдук:
– Миигин билэр хайаларына?ыный? – утары ыйытта.
Онуоха ки?итэ арбайбыт т??лээх бэргэ?этин сэгэччи аспытыгар биирдэ ?йд??б?тэ – кини иннигэр биир дойдулаа?а, урут Т???л? оскуолатыгар биир кэм?э ??рэммит ки?итэ – Баишев Гавриил Васильевич кэлэн турар эбит!
– Хабырыыскын эбит буолбат дуо?! Хата, бу эн тугу гына сылдьа?ын? Ханналааты?? Кэпсээни??
Кинилэр Хабырыыстыын биир нэ?илиэктэр, кыра эрдэхтэриттэн миннэрин билсибит а?ай дьон. Николай Васильевич ки?итин майгытын-сигилитин бэркэ билэр: к?н?, ?ч?гэй ки?и буолан баран, ?кс?гэр олус туруору, к?н? саастаах ма?ы хайытар курдук майгылаах ыччат. Ол и?ин кыы?ырдыбакка, ньуолбардык кэпсэтэргэ бы?аарынна.
– Б?т?р??п! «Олус улахан тойо??о тиийэ ??нэн-?рдээн ки?ини билбэт буолбут дуу?» дии саныы сыстым ээ! К?р?р?? курдук, син обургу бастаанньа этэрээтин ба?а буолан сылдьабын. «Са?а» дэнэр былааскыт оллур-боллур дьа?алларын, у?уну-киэ?и санаабакка, ыры?алаабакка, э?иги – чыкаалар, нэктэл кулуттуу толороргутун тулуйбакка, бар дьо??ут уордайыытын ситэ билэ иликкит! Билэн и?иэххит! Би?игини сэнээн маннык т??ннэри-к?н?стэри суксуру?а?ыт! Билигин – манна би?иги тойотторбут! Эн урукку сырыыларгын истэн: «Манан ?сс? да аа?ыа?а», – диэн бу то?уур о?ордум. Ма?най, то?уйан барыгытын то?ур?аттаран кэби?ээри гынан баран, бэрки?ээн, туоххун-ханныккын билээри: «Кэпсэтэн к?р??ххэ» диэн бу айах атан сэлэ?э турабыт. Ханныгын да и?ин биир Мэ?э улуу?ун Дьабыыл нэ?илиэгин ыччаттара этибит буолла?а. Оннук дуо!? Оннук буолбатах дуу!? – ки?итэ тымтан барыах курдук буолбутуттан Петров хап-сабар:
– Оннук, оннук! Хабырыыс, с?р?-с?пк? этэ?ин! – дии о?уста. – Хара ма?найгыттан кыы?ыран барыма, до?оор! Би?иги, эмиэ, норуот ту?угар, бар дьон ту?угар кы?аллабыт ээ…
– Ол кы?алларгытыгар а?аар кырыытыттан, ??нэ-тэ?иинэ суох халаан-талаан, арыый сэниэ-баай уонна к?р?н-харайан олорор дьону изоляциялаан, хаайан, ытан бара?ыт дуо!? Кы?алларгытыгар урут ускул-тэскил сылдьан ха?аайыстыба, с????-ас тэринии диэни билбэтэхтэр и?сэлэрин-ымсыыларын к?б?тэн, нэ?илиэнньэ оло?ун-уйгутун сатарыта?ыт дуо!?
– Халаан-талаан диэн, бука, продразверстканы, Поволжье хоргуйбут нэ?илиэнньэтигэр к?м?л????н? этэн эрдэ?и?… Со?уруу у?ун сылларга сэрии буолбутун т?м?гэр манна атыыга-тутууга туох да кэлбэт. Билигин куораттар нэ?илиэнньэлэрэ а?а-та?а?а суох. Атаста?арыгар эмиэ туга да суох. Ону миигиннээ?эр ордук билэ?ин. Хайда?ын да и?ин дьону а?атыахха наада. Оттон Поволжье иэдээнин эмиэ миигиттэн итэ?э?э суох билэ?ин. Бары биир Арассыыйа?а олоробут…
– Ол Поволжье?а диэн хомуйар кырба?ынан эккит, тууйа?ынан арыыгыт, бука, тиийбэккэ, Дьокуускай и?игэр хааларын ким ?йд??б?т?й!? То?о сымыйалыыгыт – барытын мэлдьэ?э?ит!? Би?игини тугу да билбэт-?йд??б?т кыра о?олор курдук саныыгыт дуо!? – Баишев хат оргуйан истэ?инэ, Петров эмиэ намыратардыы са?арда:
– Хабырыыс, уоскуй! Биллэн турар, би?иги ?тт?б?т?ттэн биирдиилээн на?аа т????, дьа?алы токурутуу, ымсыы-нэгэй бы?ыы, дьону ата?астаа?ын тахсыбытын мэлдьэспэппин. Ол да буоллар, би?игини барыбытын биир тараа?ынан тараама… Т??? да биир салалталаах буолларбыт би?иги ортобутугар араас барыта баар буолла?а… Ону к?нн?р?рг? уонна ыраастыырга бириэмэ уонна кыах наада. Ханна да барыахпыт суо?а – барытын к?нн?р??хп?т! Мин итини ?йд??б?т?м ыраатта да, били??и туругунан, кыа?ым суох – тиийбэт!..
– Оннугун оннук да, э?иги на?аалаатыгыт… Э?иги – чыкаалар! Былыргы Уордаах Уйбаан ыраахтаа?ы опричниктарыттан туох атыннааххытый?!.. Эн би?икки аа?ыстахпытына б?г?н б?т??хп?т суо?а! Ол и?ин бу курдук гыныахха: Э?иги Марха?а элбэх дьону солуок тутан, концентрационнай лаа?ырга хаайан олоро?ут. Бастаанньа?а холбоспут уонна бастаанньыстары ?ч?гэйдик саныыр дьон ойохторун, о?олорун уонна аймахтарын – туох да буруйа суох дьахталлары, о?олору уонна кырдьа?астары! Кинилэри урукку сыылынай бэ?иэччиктэри чыкаа охсор-тэбэр илиитэ-ата?а о?остон харабыллата?ыт уонна ата?астата?ыт! Би?иги элбэ?и истэбит – э?иги хас хаамыыгытын, тугу гынаргытын кыра?ытык кэтиибит! Сура?а, бы?айын Илин Э?ээр улуустарынан сылдьан, дьону-сэргэни сордообут, с?г?ннээбэтэх Борун уонна Глыгало диэн ыраахтаа?ы са?анаа?ы к?ск? кэлбит бэ?иэччиктэринэн солуок ылан олорор дьо??утун ата?астатар ???г?т! Бу ханнык да сиэргэ-майгыга баппат сидьи?, чиччик бы?ыы!
Онон иккиттэн биири тала?ын: эбэтэр тыыннаах т?тт?р? т?нн?бэккин – ?йэ-саас тухары манна хаала?ын; эбэтэр солуок тутан олорор би?иги дьоммутун ата?астаабаттарын толору хааччыйа?ын! Тойотторгор тылгын-?ск?н тиэрдэ?ин – ылыннара?ын! Ону хайдах толорору? – бэйэ? сатабылы?, бэйэ? кы?ал?а?! Ити мин этэрбин ылына?ын дуу, суох дуу?! Этэ о?ус! Т?ргэнник!
Все книги на сайте предоставены для ознакомления и защищены авторским правом