978-5-7696-3594-6
ISBN :Возрастное ограничение : 0
Дата обновления : 09.05.2023
Аайа б?г?н ма?найгы экзамена. Кыыс долгуйан аанньа утуйбата, университекка ким-хайа иннинэ кэллэ. Сотору о?олор мустан бардылар. Б?г?н ?йт?н суруйаллар. Бу кэнниттэн ??рэххэ туттарсааччылар охсор а?аардара эрэ хаалар ???. Улахан аудитория?а элбэх ба?айы остуол турар, хойутуу кэлбиттэргэ миэстэ тиксибэккэ, остуолга ?ст?? буолан олорорго к??элиннилэр. Экзамен тутааччы преподаватель, орто у?уохтаах, ачыкылаах эдэр дьахтар, дуоска?а темалары суруйда. Икки тема оскуола?а барбыт классиктар айымньылара уонна ???с к???л тема «Аныгы кэм?э ыччат миэстэтэ» диэн. О?олор суугуна?а т?ст?лэр, араа?а, ?г?стэр к???л теманы таллылар бы?ыылаах. Сотору бэчээттээх лиистэри т??эттилэр. Аайа ?с тематтан хайатын таларын толкуйдаан к?р?н баран, Лермонтов «Герой нашего времени» айымньытын талла. Печорин бэйэтин кэмигэр то?о с?п т?бэспэтэ?ин арыйыахтаах. Аайа ?ч?гэйдик билэр айымньытын т?б?т?гэр саа?ылаан, былааннаан баран, аа-дьуо суруйан барда. ?йт?н суруйууга ?с чаас бэриллэр. Онон ыксаабакка суруйуохха с?п. Аайа алта лии?и суруйан баран, сыы?аларын к?нн?р??р?, хат-хат аа?ан к?рд?. У?ун дьылыгыр у?уохтаах, кулгаа?ын сабар у?ун баттахтаах нуучча уола cуруйуутун ким-хайа иннинэ туттарда. «?йд??х ба?айы уол бы?ыылаах, ?лэтин биэскэ суруйбута буолуо» Аайа аудиторияттан эрэллээхтик хааман тахсан барбыт уолу баты?ыннара к?р?н хаалла. Аайа суруйбут ?лэтин хос-хос аахта?ын аайы астыммат санаа киирэр, элбэ?и уларытыан, эбиэн-сабыан ба?аран к?р?н баран, бириэмэтэ тахсан эрэрин и?ин хайдах баарынан илдьэн биэрдэ. Кинини кытта бииргэ хас да?аны о?о т?м?ктээтэ.
Печориннар ханнык ба?арар кэм геройдара буолуохтарын с?б?н, судаарыстыба, уопсастыба бары тутула хайдах да ки?иэхэ барытыгар с?п т?бэспэтин, онон «лишнэй» ки?и проблемата ?р?? баарын дакаастыы сатаата. Кинини ?йд??ллэрэ дуу, суо?а дуу. «Таах да?аны а?ара бардым бы?ыылаах, ордук-хос куолута суох к?нн?р? айымньы ис хо?оонун биэриэххэ баара…».
– Ты сейчас в какую сторону идешь? Может, вместе пойдем? – эмискэ к?п-к????нэн тэрбэччи к?рб?т нуучча кыы?а ситэн ылан санаатыттан аралдьытта. – Меня зовут Трофимова Лена. А тебя?
– Аайа.
– Ты на какую тему написала?
– «Герой нашего времени».
– А я выбрала свободную тему. Не знаю, что получилось. Вообще-то я могла бы «Войну и мир» выбрать, про философию дуба можно же было написать.
– Вот я тоже думаю, что тему чересчур усложнила.
– Ладно, что будет, то будет, ничего уже не поменяем. Так ведь?
Кыргыттар тохтобулга диэри аргыстастылар. Аайа автобус к??тэ хаалла, оттон Лена, ?р??-хара горуох ойуулаах былаачыйата тыалга тэлимнээн, чэпчэкитик ?ктэнэн сатыы бара турда.
Учебнай-лабораторнай корпус иккис этээ?игэр истиэнэ?э тэллэх са?а испии?эккэ сочинение суруйбут о?олор сыаналара тахсыбыт. Аайа араспаанньата бастакынан турарын булан ылла, с?рэ?э кыл т?гэнигэр тохтоон ылла – 5/4! «?уу!» – кыыс чэпчэкитик ?р? тыынна. Эппиттэрин курдук, ?йт?н суруйуу кэнниттэн ?г?с о?о туораабыта. Аны история уонна омук тылын экзаменнара хааллылар. История, обществознание – Аайа с?б?л??р предметтэрэ. Кыра кылааска сылдьан «Древняя история» учебнигын интэриэ?иргээн эрдэттэн аа?ан кэби?эрэ. Хайа ба?арар предмети ??рэнээччи ылынара-ылыммата учууталтан бы?аччы тутулуктаах. Экзаме??а бэлэмнэнэ сылдьан Аайа учууталларын элбэхтик санаата. История учебнигын аа?а олорон Иван Петрович куола?ын бу баардыы истэн кэлэргэ дылы. История учуутала Иван Петрович кумаа?ыта тойо суох эрчимнээхтик киирэн кэлэрэ, чочумча са?ата суох кылаа?ы эргиччи к?р?н тура т??эн баран:
– Записываем тему, – с?? куола?ынан бы?ыта биэрэн эрэр курдук са?арара. У?ун дьылыгыр у?уохтаах буолан, дуоска?а т??к?й?н туран суруйара. Онтон о?о эрэ кутун тардан кэпсээн барара… Учууталлара бэртээхэй да кэпсээнньит! Аайалаах кылаастарын кыргыттара бары «Анкета» диэн тэтэрээттээх буолааччылар, онно «Ханнык предмети ордук с?б?л??г?н?» диэн ыйытыыга уоллуун-кыыстыын бары историяны бастакынан суруйаллара. Иван Петрович уруогун билбэт о?олору к?л??-элэк о?остор идэлээх буолааччы.
– К?р?? эрэ, барбатах миин курдугунан к?р?н турарын! Суох, суох, туох эрэ к?л?м гынна ээ! Хайа?.. Ээ, до?оттор, хара?а улам ???н барда, ???н барда… – к?нн?р? сэмэлиирдээ?эр, кини ити ньымата о?олорго ордук дьайара. О?олор, кылаас ортотугар к?л??гэ барымаары, бары история?а бэлэмнэнэн тиийэллэрэ.
Аайа киэ?э хойут библиотекаттан тахсан, ыксаабакка дьиэтин диэки баран и?эр. К?н? бы?а к?н уотун сырал?аныттан сылайбыт дьон с?р??н т?сп?т?гэр та?ырдьаны былдьаспыт курдуктар. Ленин проспегар толору ки?и. Пааралар аа-дьуо дьаарбайа сылдьаллар. ?т?? да киэ?э! Кыыс историятын билиэттэрин барытын аа?ан б?тэрэн, с?ргэтэ к?т???ллэн ахан и?эр. Дойдубут историята дьо-?ун да?аны, А?а дойду сэриитигэр Ийэ дойдуну му?ура суох таптыыр норуот ити айылаах бэлэмнээх, сэбилэниилээх ?ст???? кыайда?а, партия ?лэтэ-хамна?а дьэ?кэтэ, сити?иитэ элбэ?э, былаана киэ?э. Кыыс Сэбиэскэй Сойуус кини дойдута буоларыттан улаханнык киэн тутта саныыр. Америка?а ?лэтэ суохтар элбэхтэр да?аны, хайдах бэйэлэрин дьонун ?лэнэн-хамна?ынан хааччыйбаттарый, уонна ?сс? куруук Сэбиэскэй Сойуу?у утары араас ?лэни ыыталлар. Кини дойдутугар дьон бары тэ?, ки?и барыта ?лэлээх-хамнастаах, аччыктаа?ын диэн суох, аста?ас дэлэй. Бары инникигэ эрэллээхпит, сотору Коммунистическай тутулга тиийиэхпит. Ол ки?и аймах му?утуур сайдыыта буолуо?а. Кини Сэбиэскэй Сойууска т?р??б?тэ – дьоло!
Бу курдук эргитэ саныы и?эн, Аайа Лераны к?рс? т?стэ. Омос к?р??т, баар-суох дь??гэтин билбэтэ да?аны. Кып-кылгас, быака?ар джинсы дьууппалаах, кустук бары ???нэн оонньуур «разлетайка» куопталаах, ап-ара?ас улахан пластмасс ытар?алаах, ара?ас улахан о?уруолаах, эмиэ оннук дь???ннээх платформа босоножкалаах, хара?ын харса суох халлаан к??х кыраасканан бистибит, халы? толло?ор уо?ун кып-кы?ылынан помадаламмыт – букатын муода сурунаалыттан т?сп?т кыыс турар.
– Хайа, Аайа, ки?ини к?рб?кк? аа?а сысты? дии! Би?иги Ванялыын киинэттэн и?эбит. Тоска ба?айы киинэ дии? – Лера, атаах о?о курдук уо?ун толлоччу туттан, куусту?ан турар уолуттан ыйытар.
– Мин киинэни эрэ ?йд??н к?рб?т?м, – дыра?ар сарыннаах, саха?а к?ст??лээх уол к?лэн ымах гынар.
– Б?т эрэ! Коммунистка дь??гэм ?йд?? суо?а, – Лера солуута суох к?лэн ылла. – Аайа, бачча киэ?э то?о со?ото?ун дьаарбайа сылдьа?ын? Куорат к?л?гээттэригэр т?бэ?ээйэ?ин. Ванюш, баар-суох подругабын дьиэтигэр атаарыах эрэ.
– Лера, хайа, туох сонуннааххыный? Экзаме??ын хайдах туттарды?? Олох с?тэрсэн кэбистибит дии…
– Английскайбын т??ркэ туттардым. Аны история уонна нуучча тыла хаалла.
– Бэрт дии. Мин эмиэ ?й??н историяны туттараары сылдьабын. Билиэттэрбин барытын ??рэтэн б?тэрдим ээ. Оттон эн?
– Историяны аахпакка да?аны туттарар инибин. Оскуола?а Иван Петрович кэпсээбитэ барыта хаалан хаалбыт курдук. Чэ, уулаан-хаардаан туттарар инибин. Ваня сельфакка туттарса сылдьар. Билсэн кэби?и?: бу мин до?орум Ваня, оттон бу – дь??гэм Аайа.
– Лера эн тускунан элбэ?и кэпсээбитэ. Эйигин санаабакка ааспыт к?нэ да диэн суох буолуо.
– Конечно, бииргэ ??скээбит дь??гэбин хайдах саныам суо?ай. Чэ, Аайа, пока, – Лера, Орджоникидзе болуоссатыгар кэлээт, ханна эрэ тиэтэйэр ки?илии быра?аайда?а о?уста.
Аайа дь??гэтэ оттомо суох бы?ыыланарыттан хомойо санаата. Куоракка кэлиэ?иттэн ити ха?ыс-ха?ыс уолай? Урут к?н аайы кэлэ турар бэйэтэ кэлин олох да с?тэн хаалар буолла. Б?г?н ал?ас к?рс? т?ст?лэр. Лера манна кэлэн итинник тосту уларыйбытыттан Аайа с??? саныыр.
Дьиэтигэр кэлбитигэр, ийэтэ аа??а с??рэн кэллэ.
– Хайа, бу туох ба?аам сырыытай? Уон чаас буолан эрэр дии. Ки?ини куттаа??ын!
– Лераны к?р?ст?м.
– Илиигин суунан баран кэлэн а?аа. Соркуойбун бу ???с т?г?л?н сылытан эрэбин.
Аайа куукуна?а киирэн, ийэтэ бэлэмнээбит минньигэс а?ылыгын сытын ылан, аччыктаабытын ?йд??т?.
– Б?г?н а?а? табаары?ыгар прием?а киирэ сырыттым. Хата, на?аа ?ч?гэйдик к?р?стэ. Коля о?олоро улаатан, ??рэхтэнэн эрэллэр эбит диэн ??рэр. Эдэр сааспытын элбэхтик а?ынныбыт. Коля ту?унан сырдык, ?т?? эрэ ?йд?б?ллээхпин диир. Приемнайыгар уочараппын кэтэ?эн олорон к?рд?хп?нэ, киниттэн ки?и барыта толлор курдук туттарын-хаптарын и?ин, уларыйда?а буолуо диэн куттаммытым, хата, Ба?ылай уруккутунан. Та?ымнаах ки?ини былаас буорту гыммат эбит дии санаатым.
– Дьиэни туох диирий?
– Тоойуом, ити боппуруос ?т?р?нэн кыаллыа суох. Эн ??рэххэ киирдэххинэ, мин дойдубар т?нн??м. Манна ?лэтэ да, дьиэтэ да суох хайдах олоруохпунуй? Василий Павлович быыс-хайа?ас булан, чугас до?орум дьиэ кэргэнин дьиэлии сатыам диэн тылын биэрдэ. Улахан ки?и тылынан мээнэ оонньообот буолуохтаах. Киниэхэ бы?а тахсар т?л?п??н н??мэрин биэрдэ. Онон кэтэ?эрбэр эрэ тиийэбин.
Аайа историятын, английскайын биэскэ туттаран, ??рэххэ холкутук киирдэ. ??рэххэ киирбит о?олор испии?эктэрин ?рд?к бааллаах о?олортон са?алаабыттар, онно Аайа аата ???с ки?инэн киирбит. Кини иннинэ оскуоланы кы?ыл к?м?с мэтээлинэн б?тэрбит икки кыыс экзаменнарын барытын биэскэ туттаран, испии?эги эрэллээхтик ба?ылаабыттар. История экзаменын Аайа ?т?р?нэн умнубата буолуо. Билиэккэ баар ?с боппуруоска барытыгар эппиэттээбитэ.
– ?ч?гэй. Билигин эбии боппуруос биэриэм, онно ?ч?гэйдик эппиэттээтэххинэ, биэ?и туруоруом, – ачыкытын ?рд?нэн к?рб?т орто саастаах ки?и кыы?ы тургутардыы к?р?р. – Коллективизация ту?унан тугу билэргин кэпсээ эрэ.
Аайа, коллективизация ту?унан учебникка туох сурулллубутунан кэпсээн баран, ол политика м?к? ?р?т?н эмиэ ырытта. Тыа ыала хайаан да?аны чаа?ынай бас билэр ха?аайыстыбалаах буолуохтаа?ын, к??с ?тт?нэн холбоо?ун тыа сирин уопсай бала?ыанньатыгар, саха ки?итин ?й?гэр-санаатыгар хайдах охсуулаа?ын ту?унан санаатын эттэ. Преподавателэ, со?уйбуттуу истэн олорон баран, аны НЭП ту?унан ыйытта. Аайа революция кэнниттэн дойдуга политическай эрэ ?тт?нэн буолбакка, экономика?а эмиэ са?а сы?ыан олохтонуохтаа?ын ту?унан ымпыктаан-чымпыктаан кэпсээтэ.
– Би?иэхэ, историческай факультекка, киирээччилэр да?аны маннык эппиэттээбэттэр. Андреева, историческай салаа?а киириэхтээх ки?и сылдьа?ын бы?ыылаах. Онно киириэххин санаатаххына, миигин булаар. Бу улахан да улахан биэ?и туруордум.
Тетя Надя б?г?н Аайа ??рэххэ киирбитин бэлиэтээри т?б?г?рэ сылдьар. Татьяна Иннокентьевна утаран к?рб?тэ да, санаабытын о?орон баран тэйэр майгылаах Надя ону ылыммата?а чуолкай. Куоракка баар аймахтарын, билэр дьонун, бэйэлэрин о?олорун, сиэннэрин т?мп?ттэрэ с??рбэттэн тахса буоллулар. Даача?а та?ырдьа остуол тардан кэбистилэр. К?????? ки?и к?лб?т?нэн. Тетя Надя о?уруотун а?а ?лг?м, дьонун харса суох хамаандалаан, ким салаат кырбыыр, ким алаадьылыыр, Б??т?ргэ саамай эппиэтинэстээх ?лэ тигистэ: а?а?ас уокка улахан чугуун и?иккэ узбектардыы плов астыыр.
– Кылаабынайа, луугу харса суох кутуохха наада. Кинилэр ириистэрэ то?о боро? ??н??х буоларый? То?о диэтэххэ, лууктарын хара?а боро? буолуор диэри мас арыытыгар ы?аарылыыллар.
– Пахай да! Ол хоруоруор диэри ы?аарыламмыт луук туох аанньа буолуой? Эн ол омуктары ?т?ктэн аскын хоруорда сылдьаайа?ын, ки?и и?э-???э а?ыйыах! – Надя куолутунан о?онньорун м???р-этэр.
– Надя, маннык мааны крахмаллаах ыскаатары даача?а тэлгээмэ ээ. Бу курдук лен ыскаатары Са?а дьыл эрэ быраа?ынньыгар туттуоха с?п, – Татьяна Иннокентьевна, ха?аайка дьиэттэн муус ма?ан крахмалланан ха-чыгырыы сылдьар ыскаатары та?ааран остуолга тэлгээн эрэрин к?р?н, этэн к?рд? да, биллэн турар, Надята ону ылыммата. Быраа?ынньык остуола ханна да буоллун мааны буолуохтаах диир кини. Тетя Надя т??? да ??рэ?э суох буоллар, ис-и?иттэн ?ч?гэйгэ, кэрэ?э тарды?ыылаах. Кини ити ыскаатара эрэ буолбакка, туох баар утуйар та?а?а, сотторо барыта крахмаллаах буолар. Кини чэнчи?инэн, т?ргэн-тар?ан туттунуулаа?ынан аймахтарыгар киэ?ник биллэр. Хас да ки?и кэлэн хонон-?р?н аастын, тетя Надя хайаан да муус ма?ан хачыгырас утуйар та?а?ы тэлгээн биэрэриттэн Татьяна с???р. Надялаахха кэллэххинэ боростуой и?иттэн а?аабаккын: биилкэтэ-ньуоската ?р?? к?м?с, эбиэккэ миинин к?м?с дуйдаах ?р?? фарфор и?иккэ кутан остуол ортотугар уурар идэлээх, чэйин тус-ту?унан чааскыга куппат, хайаан да?аны ?ч?гэй сэрбиис и?итин туттар. Надежда Дмитриевна к?ст?р дь???н?гэр да?аны ураты геннаа?а биллэр. Кинини, омос к?р??т, туох эрэ улахан ?лэ?ит дии санааччылар. Ма?а?ыын атыы?ыттара ас-та?ас ?ч?гэйин к?рд?р?лл?р, автобуска киирдэ?инэ миэстэлэрин тута туран биэрэллэр. Ол курдук кини ис-и?иттэн дьону ба?ыйар ураты к??стээх. «С?п буолла?а. Кинээс сыдьааннарын ханнык да революция, социализм суурайар кыа?а суох», – диир ?гэстээх тетя Надя.
Ыалдьыттар бары мустубуттарын кэннэ даача ха?аайката Надежда Дмитриевна мааны остуолугар ы?ырда. Даачатын да и?итэ киниэнэ дьэрэкээн: салаат, фрукта араа?а фарфор сэрбиискэ ууруллан к???э к?л?м?рд?? оонньууллар. Б??т?р хотуна пловун хай?аабытыттан с?ргэтэ к?т???ллэ сылдьар. Ки?иэхэ барытыгар кичэйэн астаабыт а?ын амсатыан ба?арар.
– Бэйи эрэ, эн, ыксаама! Ыалдьыттар остуолга да олоро иликтэриттэн хайдах итии а?ылыгы сы?алыыгын? – Надя кэргэнин сэмэлээтэ.
Кэлбит дьон суугуна?ан миэстэлэрин булбуттарын кэннэ Надежда Дмитриевна туран тыл эттэ:
– Мин манна аймах-билэ дьоммутун биир ??р??лээх т?гэ??э ы?ырдым. Би?иги ытыктыыр балтыбыт Татьяна кыра кыы?а Аайа ?рд?к ??рэххэ экзаменын барытын туйгуннук туттаран киирдэ. Балтым барахсан олох охсуутун эрдээхтик тулуйан, о?олорун ?ч?гэйдик иитэн, ??рэхтээх дьон о?ортоон эрэриттэн олус ??рэбин. А?ата, бас-к?с ки?итэ суох о?олору иитэр уустугун бары билэбит. К?т??пп?т Коля к??гэйэр к?н?гэр ?лэ ????гэр сылдьан, эмискэ би?иги кэккэбититтэн туораабыта барыбытыгар да улахан с?т?г?нэн буолбута. Би?иги айма?ы ?р? тардыахтаах, ?рд?к? былааска тахсар кыахтаах ки?ибит ити курдук дьыл?аламмыта ыарахан. Аайа а?атыгар майгынныыр кыыс, ??рэ?эр наар туйгун, кытаанах майгылаах, оттомноох о?о инникитин а?атын туйа?ын хатарыа?а. Би?иги дьиэ кэргэн аатыттан э?эрдэлээн туран бэлэхпитин туттарабыт, – диэн баран баархат тастаах хоруопкаттан кы?ыл к?м?с би?илэ?и та?ааран кыыска туттарда уонна иэдэ?иттэн кытаанах со?устук сыллаан ылла.
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «ЛитРес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию (https://www.litres.ru/pages/biblio_book/?art=69209680&lfrom=174836202) на ЛитРес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.
Все книги на сайте предоставены для ознакомления и защищены авторским правом