978-5-7696-5012-3
ISBN :Возрастное ограничение : 0
Дата обновления : 19.04.2024
«Дь?г??ссэ тайа?ы ойуур ына?а диэн албыннаан улуу дьаалыга ?лт? тэбистэрэ сыста» диэн испэр ки?ибэр кыы?ырабын. Син балачча буолан баран ки?им кэллэ, ??рб?т а?ай.
«Мохсо?ол, уол о?ото байанайдаах, таба?айы? талааннаах эбит, барбат гына тапты?. Ыттар ?рэллэрин истэ?ин дуо?» – диэтэ. Дьэ онно ?йд??н истибитим, ыттар ?рэх куулатыгар ?рэллэр эбит. Мин долгуйан, ону да?аны истэр кыа?ым суох.
?рэх куулатыгар тахсан ыттар тохтотон турар буурдарын охтордум. Куттаммытым аа?ан, ??р?? ?л?скэнэ буолла. Дь?г??ссэ ма?най уотун а?атта, онтон тайа?ы астаан баран быар ?ттэ, чо?ку о?уста, ??с тардарын бу?арда. Тото а?аабыппытын кэннэ: «Ньукулай, дэриэбинэ?э киирэн атта та?аар. Саа?ын хааллар, чэ?кээйи о?остума», – диэтэ.
Мин, то?устаах тайа?ы охторбут ки?и, тута с?б?лэ?эн дэриэбинэ диэки с??рэ турдум. Сотору ??р??м кутталынан солбулунна, суол бадарааныгар кырдьа?ас ата?ын суола субу барбыт, мэктиэтигэр буруолуу сытар курдук. Куттана-куттана салгыы с??рэн истим, хас сыгынах барыта харахпар адьыр?а буолан к?ст?р. Ол аайы с?рэ?им парк гынар, куйахам дырдыр?ыыр.
«Дь?г??ссэ саабын хааллаттаран адьыр?а?а сиэтэр буолла» диэн испэр кыы?ыра саныыбын. Б????лэккэ этэ??э тиийэн, ат а?алан, ??рэ-к?т? дьиэлээбиппит».
Дьэ итинник, убайым Ньукулай Б?т?р??б?с 17 саастаа?ар буолбут т??рт уонтан тахса сыллаа?ы т?бэлтэни бу баардыы к?р?н олорор курдук кэпсээтэ.
???с т???мэх
Б??т?р Баттынаагын кэпсээнэ
Дьаа?ы чулуу булчута Дь?г??р Состокуоп
Сарта? ?р?с Дьаа?ыга т??эр сиригэр баар ??тээ??э киэ?э куобахха та?ыыларбытын к?р?н баран, тото-хана а?аан утуйаары сытан, Б??т?р кэпсээнин маннык са?алаата.
Мин Дьаа?ы Эбэ Хоту??а к?т??т буолан кэлбитим отуттан тахса сыл буолла. Билигин да?аны эт атахпынан сылдьан, ?лэм быы?ыгар кыра-кыралаан т??лээхтиибин. Ма?най кэллэ?им утаа Дь?г??р Состокуоп булка илдьэ сылдьар буолбута. Би?иги биир халы? аймахха к?т??ттэрбит, онон биллэхтиибит. Адаардаах ар?астаах киэ? нэлэмэн, уйаара-кэйээрэ биллибэт Дьаа?ы Эбэ Хоту??а т???л??х булчут аар тай?аны тайанан бултаан-алтаан ааспыта буолуой? Олортон уос номо?ор сылдьар чулуу булчуттар а?ыйахтар. Э?иэхэ чулуу булчут Дь?г??р Состокуоп ту?унан кэпсиэм.
Биирдэ Дьаа?ыга са?ардыы кэлбитим кэннэ ???? буолан ?с атынан бултуу та?ыстыбыт. Киэ?э с?пк? бултуур сирбитигэр тиийэн, сирбитин-уоппутун а?атан баран утуйдубут. Куруук буоларын курдук т??н? бы?а араас т??л? к?р?н, баттатан, тиритэ-хорута сыттым. Дь?г??р туран о?о?ун оттубутугар, дьэ у?угуннум. О?онньорум сирэйэ-хара?а турбут, ??рб?т-к?пп?т.
«Дьэ, уолаттар, т??л-бит ?ч?гэй, т??ээн нуучча дьахтарын таптаатым. Аата, буута кылбайан ма?ана с?рдээх», – диэн кэпсээтэ. Т??н? бы?а баттаппыт ки?иэхэ ити толоостук и?илиннэ, кулгаа?ым та?ынан а?ардым. Дь?г??р?м т??л?н истэ сытан, испэр кы?ыйа санаатым: «Соро?у т??н аайы утуппакка эрэйдииллэр, сороххо ма?ан бууттаах нуучча дьахтара к?ст?р. Ха?ан миэхэ минньигэс т??ллэр к?ст?лл?р. Дьэ, киэ?э бултуйбатахпына, ма?ан бууттаах дьахтарын санатарым буолуо».
?л хабаат, сып-сап хомунан, аттарбытын ы?ыырдан, о?онньорбут ыйбыт сиригэр алыыны ?р? батан бардыбыт. Би?иги хоммут тыабыт дьиэтиттэн тэйээт, кэпсээммитин то?о тардан кэбистибит. К?лс??-салсыы, кэпсээн-ипсээн б???. Сынньана сылдьар дьон курдукпут. Син балайда ?р хаамтаран биир улахан алыыга кэллибит. Би?иги са?абытыттан тэ?ииргээн, икки улахан аарыма тайах алыы у?уор ?тт?ттэн ойон к?н уотугар хара ??н?р? килэбэчийэн, би?иги барыахтаах ?р?йэбитинэн аргыый та?ыстылар. Дьэ ону к?р?н би?иги ?р? булумахтана т?ст?б?т.
Уолум тайахтары эккирэтээри санаммытыгар, сарсыардаа??ы кы?ыыбын та?ааран: «Нуучча дьахтардаах о?онньордоохпут, ???ээттэн куйаар н???? к?р?н и?эрэ буолуо. Ыксаама, би?иги аргыый баран и?иэххэ», – диэтим.
Ол курдук кэпсэтэ-кэпсэтэ алыыны туораан тайахтар тахсыбыт ?р?йэлэрин ортолоон истэхпитинэ, иннибитигэр саа тыа?а хаста да ?р? хабылла т?стэ.
Уолум дьиктиргээбит куола?ынан: «Ити кимнээх ыттылар, бу ыраах т?? тыа?а дьон баар эбит дуу?» – диэтэ.
Онуоха мин: «Ити би?иги ки?ибит ытта, иннибитигэр хайдах урутаан тиийэн ыппытын билбэппин. Куйаары кытта кэпсэтэр ки?и хайдах ба?арар тиийиэ?э», – диэн Дь?г??р истибэтигэр к?лл?м.
Оччолорго, урукку дьон сиэринэн, кырдьа?астан толлобун, утары тугу да са?арбаппын. Эгэ к?л??м дуо, суох буолла?а дии, истибэтигэр эрэ тосту-туора тылла?абын. Балайда хаамтаран тиийбиппит: ки?ибит то?ус салаа муостаах хара ??н??х аарыма буур ?рд?гэр бэрт холкутук табахтыы олорор. Дь?г??р бултаабытын к?р?н мах бэрдэрдим, хомуруйуох буолбут санаам к?дэ??э к?тт?, ки?им т??л?ттэн саллан, с?р баттатан, са?ата-и?этэ суох турдум. Улахан булчуттар, айыл?а о?олоро т??ллээх буолалларын онно дьэ оройдоппутум.
Онтон ыла сарсыарда у?уктаат да, т??л? ырытар идэлэммитим. Аар тай?а таайыллыбатах дьикти к??стэрэ тугу этэллэрин билэ сатыыр буолбутум. Соро?ор хас да т??н т??лгэ таайтаран этэ, сэрэтэ сатыылларын ку? эт дьон сэрэйбэппит. Бэйэбитин на?аа сайдыбыт курдук сананан, аанньа ахтыбаппыт, т??лб?т?н сатаан тойоннообоппут. Былыр ?йэлэрин тухары аар тай?а?а олорбут, сиэри-туому тутуспут булчут ?б?гэлэрбит туох буоларын курдат билэллэр ???. Ол и?ин т???л??х элбэх мо?олу этэ??э туораан ?йэлэрин мо?ууллара буолуой. Былыргылар унньуктаах у?ун к???э ки?ини т??рт уон т??рт мо?ол к??тэр диэн этэллэрэ. Аныгы дьон сиэри-туому тутуспакка, сэрэммэккэ-сэрбэммэккэ, ууну-уоту ортотунан сылдьабыт. Улахан булду аанньа ахтан ки?илии бултаабакка, баа?ырдан баран тута охторбокко, ыттары ??рэтэбит диэн ааттаан оонньуу о?остуу, булт суруллубатах сиэрин кэ?ии, улахан аньыы буолар. Булт ?гэ?ин тутуспакка арыгылаан ампаалыкта?абыт, итирэн-кутуран, чуумпу эбэлэри аймыыбыт, т??? булду суо?арбыппытынан куотала?а-куотала?а ки?иргиибит. Ол и?ин, кэнники кэм?э дэ?, о?ол элбээтэ, айыл?а айманна. Туох барыта иэстэбиллээх, сыы?а-халты туттуу содуллаах дииллэрэ барыта баар, куоттарбат.
Дабдарыга
Саас кус са?ана ???? буолан сылгы?ыттар базаларыгар сытабыт. Ата?ым Ньукулай би?икки кустуубут. Оттон Дь?г??р к?н аайы тайахтары к?рд??н ыта суох атынан хаамтарар. К?н аайы мэлийэн кэлэр, соччо са?а-и?э суох, би?иги онно эрэ кы?аллыбаппыт. Уонча к?н кустаан с?п буоларбытын бултаатыбыт. Дьиэлиир кэммит тиийэн кэллэ, кустаан кэлэн киэ?э эрдэ ?рт??н ыыппыт аттарбытын тутан бэлэмнэннибит. Сарсыарда о?онньорбут эрдэ турда, сирэйэ-хара?а турбут, туттара-хаптара сыыдамсыйбыт. Мин Дь?г??р сирэйин-хара?ын к?р??т, тута байанайдаах т??л? т??ээбитин сэрэйдим. «О?онньор эмиэ ма?ан бууттаах нуучча дьахтарын т??ээтэ?э» диэн испэр омнуолуу санаатым.
Сарсын, дьи?э, ?лэм к?нэ са?аланар. Онон тардыллар, ?лэбэр «борогууллуур» ки?и буоллум.
О?онньор тото-хана а?аан, аа-дьуо туран о?о?ун а?атта, дьэ уонна сэрэйбитим курдук эттэ: «К?н?с Дабдарыга а?ыахпыт, онон билигин бу ?р?йэни ?р? батан, хайаны у?уордаан, ол сиргэ эбиэккэ тиийиэххит. Онон Дабдарыттан суолбутун к?нн?р??хп?т, ?т?хп?т?н бы?ыахпыт».
Испэр т??? да дьиэбэр ыксаатарбын, убай о?остон ытыктыыр ки?ибэр тугу да утары эппэтим.
??тээ??э наара оро??о кэтэх тардыстан сытар Ньукулуйбар киирэн ???ст?м, онуоха ки?им холку бэйэлээхтик хардарда: «Убай эппитин кэннэ хайыахпытый, барар буоллахпыт».
??тээнтэн тахсыбыппыт о?онньор аллаах атын хаамтаран ла?ыгыратан ырааппыт. Би?иги аттарбытын тутан айгыстан, син ?р бодьууста?ан ы?ыырдан, сарыы бэрэмэдэйбитигэр малбытын-салбытын хаалаан, кэмниэ кэнэ?эс дьэ аалбыт ба?а хо?унна. Ол баран и?эн «уонча хонукка таах халтайга хаамтара сырыттыбыт, тугу эрдэ бултаабакка сылдьыбытай, барар к???э дьэ буолан-хаалан турда» диэн испэр хомуруйан о?онньору м???ттэбин. Дьэ оннук санаалаах-оноолоох эбиэккэ Дабдарыга тиийдибит. Ки?ибит эрдэ кэлэн чэйин оргутан бэлэм олорор эбит.
Дь?г??р ?л хабаат суолбутун ыйда: «Бу алыыны туораан, ол ?р?йэни ?р? батан, итинэн бара туру?. Мин ити ?р?йэ ба?ын к?р?н баран э?игини эккирэтиэм. Ол гынан баран, саа тыа?аата?ына т?нн??р??».
Мин дьиэлээн и?эр буолан санаам к?т???л?ннэ, ол и?ин эттим: «Ньукулай, саа тыа?аата?ына мин истибэппин. Саа тыа?аабатар ханнык, на?аа хара?а?а харбыаласпакка эрэ аартыкка киирбит ки?и».
Ол кэпсэтэ истэхпитинэ, таас дьаа?ылар чуумпуларын уйгуурдан, харабыын хатан тыа?а сатараата.
Мин ?р? ха?ыытыы т?ст?м: «Эн и?итти? дуо? Мин истибэтим».
Ньукулайым на?ыл ки?и, холку бэйэлээхтик: «Истэн. Кырдьа?аспытын хаалларбат буоллахпыт», – диэн с???д?йдэ. То? к??с бысты?а аллаах аттарбытынан сиэллэрэн бытыгыратан кэллибит. О?онньорбут алыы кытыытыгар куула?а л?к?й? охторон, ?рд?гэр эмиэ бэрт холкутук табахтыы олорор. Баай Байанайбытын а?атан, кыратык сынньанан баран, ??рэ-к?т? кыылбытын астаатыбыт.
Дьаа?ы уос номо?ор киирбит чулуу булчута дьэ итинник бултуур этэ. Т??л?-бити олус итэ?эйэрэ, онон сирдэтэн бултуура, ыта таймата суох, куска ??мэр курдук, тайахха ??мэн ытара. Сэрэх б???л??х айыл?а маанылаах о?олоро харахтара, кулгаахтара б??лэнэн, хайдах оннук чуга?аталларын сатаан санаабаппын.
Конец ознакомительного фрагмента.
Текст предоставлен ООО «Литрес».
Прочитайте эту книгу целиком, купив полную легальную версию (https://www.litres.ru/chitat-onlayn/?art=70539844&lfrom=174836202&ffile=1) на Литрес.
Безопасно оплатить книгу можно банковской картой Visa, MasterCard, Maestro, со счета мобильного телефона, с платежного терминала, в салоне МТС или Связной, через PayPal, WebMoney, Яндекс.Деньги, QIWI Кошелек, бонусными картами или другим удобным Вам способом.
Все книги на сайте предоставены для ознакомления и защищены авторским правом